22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Оһуохай, кэнсиэр, салют. Саха сирэ Өрөспүүбүлүкэ 100 сылын бэлиэтиир

10:54, 27 апреля 2022
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бүгүн, муус устар 27 күнүгэр, бүтүн Арассыыйа Саха АССР тэриллибитэ 100 сылын бэлиэтиир. Бырааһынньык өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бэлиэтэнэр, оттон саамай улахан тэрээһин Дьокуускайга ыытыллыахтаах, диэн СИА иһитиннэрэр.

Саамай улахан тэрээһин 14 чаастан саҕаланар — Ленин болуоссатыттан Комсомольскай болуоссакка диэри хаамыы буолуоҕа, ону тэҥэ бары баҕалаахтар өрөспүүбүлүкэтээҕи оһуохайга кыттыахтара. Комсомольскай болуоссакка, бырааһынньыкка анаммыт Сүр оһуохайа эмиэ буолар, онтон 17 чаастан сулустар кыттыылаах бырааһынньыктааҕы кэнсиэр саҕаланыа. Тэрээһин киэһэ 21 чааска Комсомольскай болуоссакка бырааһынньыктааҕы салютунан түмүктэниэҕэ.

Бырааһынньыгы Саха сиригэр эрэ буолбакка, дойду атын куораттарыгар эмиэ бэлиэтиэхтэрэ. Владивостокка Приморскай кыраайы үөрэтэр А. М. Горькай аатынан публичнай библиотекаҕа саха литературатын салаатын үөрүүлээх арыллыыта былааннанар, Санкт-Петербурга Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар анаан Петрапавловскай кириэппэскэ баар Нарышкин бастионуттан ытыахтара, ону тэҥэ,  саха композитора Марк Жирков 130 сааһыгар уонна Саха АССР 100 сылыгар анаан Москубатааҕы консерваторияҕа кэнсиэр ыытыахтара.

Дьокуускайга Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах «Өрөспүүбүлүкэ күнэ — патриотизм бэлиэтэ» виртуальнай быыстапка, уонна «Моя Якутия: незыблемая связь времен, традиций и культуры» диэн кинигэ быыстапката Национальнай бибилэтиэкэҕэ дьон-сэргэ болҕомтотун тардыаҕа.  10 чаастан «Эллэй суола. Геокульутрнай уобарастар» диэн мультимедийнай экспозиция арыллыыта «Россия – моя история» музейнай комплекска саҕаланыаҕа.

Национальнай художественнай музей  хаартысканан галереятын саалатыгар 11 чаастан  «Арассыыйа национальнай баайа-дуола. Москва-Дьокуускай» диэн судаарыстыбыннай пуонда көһө сылдьар быыстапкатын үөрүүлээхтик аһыы буолуоҕа. Ону тэҥэ, 11 чааска«СахаМедиа» медиа-киинигэр Саха АССР тэриллибитэ 100 сылыгар аналлаах почта анал кэмбиэрдэрин үөрүүлээх гашениета ааһыаҕа. 12 чааска судаарыыстыбыннай деятеллэр пааматынньыктарыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруохтара, кэриэстиэхтэрэ.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар