Оҕо ыарыйдаҕына "больничнай" орто хамнас 100 % кээмэйинэн төлөнөр

Оҕо 7 сааһыгар диэри ыарыйдаҕына төрөппүккэ орто хамнас кээмэйинэн «больничнай» көрүллэр. Үлэ ыстааһыттан тутулуктаммат.

Сокуон балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоххо киирдэ, суруйар СИА Госдума сайтыгар сигэнэн.

«Оҕо балыыһаҕа киирэн эбэтэр амбулаторияҕа эмтэнэриттэн больничнай суумата уларыйбат. 2021 сылга больничнай биир күннээҕи муҥутуур суумата 2 434 солк», — диэн суруллар иһитиннэриигэ.

This post was published on 29.09.2021 11:01 11:01