Нэдиэлэ иһигэр 700 киһи үлэнэн хааччылынна

Саха сиригэр үлэтэ суох дьон ахсаана билигин 33 тыһ. 100 киһи. Нэдиэлэ иһигэр мантан 700-һэ үлэлэннэ.


Үлэ биэрээччилэр дьарыктаах буолуу сулууспатыгар 10 070 үлэһиккэ сайаапка түһэрэн сыталлар. Ити былырыыҥҥы көрдөрүүтээҕэр 26,3% кыра (13655 үлэ миэстэтэ баар эбит). Итинтэн 60,0% оробуочай идэлэр.  Хамнас орто кээмэйэ 46,8 тыһ.солкуобай. Ордук суоппардар, слесарьдар, анал тиэхиньикэ үлэһиттэрэ, көмө үлэһиттэр, уот монтердара, остуорастар о.д.а. наадалар.

Сыл саҕаланыаҕыттан үлэлээх буолуу сулууспатыгар 50,5 тыһ киһи үлэ көрдөөн учуокка турбут. Итинтэн 13,2 тыһыынчата үлэ булбут, ол иһигэр бастайааннай үлэҕэ — 5,1 тыһ.киһи, быстах кэмҥэ — 8,1 тыһ.киһи үлэҕэ киирбит. Үлэтэ суох босуобуйатын 14030 киһи ылар.

This post was published on 26.10.2020 15:01 15:01