Дьокуускайга бүгүн, олунньу 14 күнүгэр, кыралаан хаардыаҕа, хотуттан тыаллаах, сөкүүндэҕэ 2-7 м түргэннээх. Түүнүн -32…-34, күнүһүн -27…-29 кыраадыс.
Чэппиэргэ, олунньу 15 күнүгэр, киин куоракка кыратык хаардыаҕа, күнүс сөҥүүтэ суох, түүн уонна сарсыарда туманнаах буолуоҕа. Хотуттан тыаллаах, сөкүүндэҕэ 1-3 м түргэннээх. Температура түүн -36…-38, күнүс -30…-32.
Нэдиэлэ бүтүүтэ, олунньу 16 уонна 17 күннэригэр, сөҥүү түһэрэ күүтүллүбэт. Түүн уонна сарсыарда туманнаах. Мөлтөх тыаллаах, түүн -41…-43, күнүс -33…-35 кыраадыс.
Ол туһунан ЯСИА-ҕа Гидрометкиин иһитиннэрдэ.