Суолга куттал суох буолуутун судаарыстыбаннай инспекциятын үлэһиттэрэ көҥүлэ суох тайаҕы бултааһын түбэлтэтин арыйдылар. Кыыл этин тиэйиммит массыынаны «Нам» өрөспүүбүлүкэтээҕи айан суолугар тохтоттулар. Бу туһунан Россия ис дьыалаҕа министиэристибэтин Саха сиринээҕи салаатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
«Нам» өрөспүүбүлүкэтээҕи айан суолугар докумуон бэрэбиэркэлээри УАЗ массыына тохтотуллубут. 40 саастаах суоппар уонна икки олорсон испит пассажир полиция үлэһитин кытта кэпсэтэр кэмнэригэр биллэ ньиэрбинэйдээн киирэн барбыттар», — диэн этиллэр докумуоҥҥа.
Тырааныспар иһин көрүү, судаарыстыбаннай инспекция үлэһиттэрин уорбалааһынын бигэргэппит. Массыына кузовын кэлин өттүгэр миэстэтинэн үллэриллибит тайах этин уонна үс нарезной сааны буллулар.
Суоппарга уонна пассажирдарга холуобунай дьыала тэрилиннэ, тустаах бэрэбиэркэ ыытыллар. Барыллаан 240 тыһыынча солкуобай ыстараап төлүөхтэрэ, суруйар НВК «Саха».