15 Тохсунньу 15.01
  • -42°
  • $ 103,44
  • 106,25

Муус устар 26 күнэ. Чернобыльга тахсыбыт алдьархай кутурҕанын күнэ - Бикипиэдьийэ

09:01, 26 апреля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Арассыыйаҕа нотариат күнэ. 

Булуҥ оройуонун киинэ Күһүүртэн Тиксиигэ көһөрүллүбүт.

Намнааҕы педагогика кэллиэһэ саха уһулуччулаах судаарыстыбаннай диэйэтэлэ Илья Винокуров аатын сүкпүтэ.

2006 сыллаахха Үөһээ Бүлүү улууһун былааҕа, 2011 сыллаахха Горнай улууһун былааҕа бигэргэммиттэр.


Бэлиэ күннэр:

Түбэлтэлэр:

  • 1607 — Генри тумулга (Вирджиния) Америкаҕа олохсуйа кэлбит бастакы аҥылычааннар түспүттэр.
  • 1795 — Арассыыйа Курляндияны бэйэтигэр холбообут.
  • 1799 — Адда өрүс аттынааҕы кыргыһыы саҕаламмыт. Нуучча уонна Австрия сэриилэрин Александр Суворов хамаандалаабыт, француз сэриитин — Ж. В. Моро. Бу кыргыһыы союзниктар бастакы бөдөҥ кыайыыларынан түмүктэммит.
  • 1828 — Арассыыйа импиэрийэтэ Осмаан импиэрийэтигэр сэриини биллэрбит.
  • 1863 — Тохсунньутааҕы өрө туруу: поляк өрө турааччылара Новая Весь аннынааҕы кыргыһыыга импиэрийэ сэриилэрин кыайбыттар.
  • 1921 — Сиббюро мунньаҕар Саха сирин автономиятын туһунан Былатыан Ойуунускай дакылаатын истибиттэр. Сол күн Москубаҕа Наркомнац Иосиф Сталиҥҥа Максим Аммосов автономия боппуруоһугар этиитин билиһиннэрбит.
  • 1939 — өрөбөлүүссүйэни утарар үлэни ыыппытын, «өстөөхтөр» АлампаКүлүмнүүрОйуунускай пьесаларын туруорбутун иһин хаайыллыбыт Саха тыйаатырын дириэктэрэ Тарас Местников урут биэрбит көрдөрүүлэриттэн эмискэ батыммыт, силиэстийэ сыыһа ыытыллыбытын, буруйа суоҕун эппит. Ол эрээри баайа-дуола былдьанан, 20 сылга хаайыыга ыытыллыбыта. Уһун унньуктаах үҥсүү-харсыы түмүгэр 1940 сыллаахха буруйа суоҕа дакаастанан босхоломмута. Маны устуоруктар нарком Н.Ежов ууратыллыбытын, онон НКВД сорох дьыалалара хаттаан көрүллүбүтүн кытта ситимнииллэр.
  • 1939 — «Кыым» хаһыат сүрүн эрэдээктэрэ Степан Бордонскай баартыйа обкуомун пропагандаҕа салаатын сэбиэдиссэйинэн анаммыт.
  • 1957 сыл — Саха АССР Булуҥ оройуонун киинэ Күһүүртэн Тиксиигэ көһөрүллүбүт.
  • 1961 сыл — «Саха тылын таба суруйуутун быраабылаларын» саҥа бырайыага «Социалистическая Якутия» хаһыакка бэчээттэммит. Бу кэмтэн ыла саха тылыгар киирии тыллар олохторун нууччалыы суруйуу күүскэ киирбитэ. Саха сирэ атын өрөспүүбүлүкэлэртэн бүтэһигинэн бу үөһэттэн күһэйиини ылыммыта.
  • 1966 — Ташкент куоракка 8 бааллаах сир хамсааһына буолбут.
  • 1986 — Украина Чернобыль куоратын аттыгар баар атомнай электростанцияҕа улахан саахал тахсыбыт.
  • 2000 — АЛРОСА бэрэсидьиэнин Вячеслав Штырову (икки сыл буолан баран СӨ Бэрэсидьиэнинэн талыллыбыта) элбэх дьон олоҕун тупсарбытын иһин Бочуот уордьанынан наҕараадалаабыттар.
  • 2002 — Намнааҕы педагогика кэллиэһэ СӨ бэрэсидьиэнин ыйааҕынан Нам улууһуттан төрүттээх саха уһулуччулаах судаарыстыбаннай диэйэтэлэ Илья Винокуров аатын сүкпүтэ.
  • 2006 — Үөһээ Бүлүү улууһун былааҕа бигэргэммит.
  • 2011 — Горнай улууһун былааҕа бигэргэммит.

Төрөөбүттэр:

Өлбүттэр:

  • 1984 — Николай Цытович, учуонай, геомеханик, инженер геолог, ССРС НА чилиэн-кэрэспэдьиэнэ. 1947—1953 сыллардаахха ССРС НА Саха сиринээҕи филиалын Президиумун бэрэссэдээтэлэ.
Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА