Мэҥэ-Хаҥалас дьаһалтата социальнай харалта хайысхатынан өйөбүл улаатарыгар үлэлэһэр

Былырыын Мэҥэ-Хаҥалас улууһун олохтоохторугар социальнай харалта хайысхатынан 883 мөлүйүөнтэн тахса материальнай көмө көрүллүбүт. Быйыл ити суумма биллэ улаатар чинчилээх. Бу туһунан үлэ уонна социальнай харалта миниистирэ Елена Волкова уонна улуус баһылыга Николай Старостин кэпсэттиллэр.


Өрүттэр оҕолоох ыаллары өйүүр миэрэлэр, саастаах дьону көрүү, социальнай хантараак о.д.а. миэрэлэр тула кэпсэттилэр.

Маны таһынан улууска кырдьаҕастарга аналлаах социальнай дьиэ тутуутун боппуруоһун таарыйдылар.

This post was published on 21.01.2021 17:02 17:02