Спорт национальнай көрүҥнэригэр XXI Спартакиадаҕа Российскай Федерация спордун миниистирэ Олег Матыцин уонна Олимпийскай кэмитиэт президиэнэ Станислав Поздняков кыттыыны ылыахтара. Ол туһунан СИА-ҕа Саха сирин спордун миниистирэ Иннокентий Григорьев Оонньуулар презентацияларын кэмигэр эттэ.
Иннокентий Григорьев эппитинэн, «Манчаары оонньуулара» XXI Спартакиада «Спорт — норма жизни» федеральнайдааҕы бырайыакка баар. Бу бырайыак быйылгы салгыыта — «Спорт норма тур». Ол иһинэн дойду алта куората хабыллар — Москва, Обнинск, Ульяновск, Белгород, Сочи, Калуга. Федеральнайдааҕы бырайыак от ыйын 7 күнүгэр Бэрдьигэстээххэ стаартыаҕа, «Манчаары оонньууларын» кэмигэр.
««Спорт норма тур» бырайыакка өрөспүүбүлүкэ кыттарынан, Манчаары оонньуулара федеральнайдааҕы СМИ-гэ күүскэ сырдатыллыахтара. XXI Спартакиада бочуоттаах ыалдьыттарынан Россия спортка миниистирэ Олег Матыцин уонна Олимпийскай кэмитиэт президиэнэ Станислав Поздняков буолаллар«, — диэтэ миниистир.