Магистратура тутаах хайысхаларыгар бүддьүөт миэстэтин ахсаана элбиэҕэ

Арассыыйаҕа научнай-технологическай сайдыы тутаах хайысхаларыгар магистратураҕа бүддьүөт миэстэтин ахсаанын элбэтиэхтэрэ. Ол туһунан Премьер-миниистир Михаил Мишустин бырабыыталыстыба көрүүтүгэр иһитиннэрдэ.

Бу сыалга министиэристибэ 4,5 миллиард кэриҥэ солкуобайы ыытара бэлиэтэнэр. Ону таһынан Арассыыйа бэрэсэдьиэнин сорудаҕынан, бу сылга эдэр учуонайдарга олорор дьиэнэн хааччыйыы  бырагыраамата кэҥиэҕэ. Өйөбүл кээмэйэ миллиард солк. буолуоҕа. Кыбартыыра ыларга докумуоннары 300-тэн тахса исписэлиис ылыан сөп.

«Оччотугар, кинилэр бириэмэлэрин бытовой боппуруостары быһаарарга халтай бараабакка эрэ, тута науканан дьарыгыран саҕалыа этилэр», — диэн Мишустин бэлиэтээтэ.

«Парламентская газета»

This post was published on 13.04.2022 12:03 12:03