СӨ Yɵрэххэ уонна билимңэ министиэристибэтэ сыллата ыытар XV өрөспүүбүлүкэтээҕи “Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу” уоланнар ааҕыыларыгар өрөспүүбүлүкэ 10 улууһуттан уонна Дьокуускай куорат оскуолаларыттан 29 бөлөх (255 оҕо) кэтэхтэн, саҥа кэтэхтэн форманан — видеоролигынан кытынна. “Көтүөххэ үрдүккэ хотойдуу” уоланнар ааҕыылара 15 сыллаах үбүлүөйүнэн кыттыыны ылбыт бары бөлөхтөр араас бириистэргэ тигистилэр.
«Улуу Кыайыы 75 сылыгар аналлаах ааҕыыларга буойун-суруйааччылар, буойун-суруналыыс, буойун-учуутал оҕолоро, дьоно-сэргэтэ, аймахтара кыттыыны ыллылар. Тэрийээччилэр, оҕолор, төрөппүттэр ааттарыттан ытык дьоммут сыдьааннарыгар, уолаттар ааҕыыларын сыаналаабыт дьүүллүүр сүбэҕэ кытаанах доруобуйаны, чэгиэн туругу, дьоллоох олоҕу баҕарабыт, истиҥ махталбытын тиэрдэбит», — диэтэ Н.В. Макарова, Россия үөрэнээччилэрин бүттүүн хамсааһынын Саха сиригэр координатора, Россиятааҕы оҕо уонна ыччат Федеральнай киинин ыччаты кытта үлэҕэ исписэлииһэ.
Быйылгы куонкурус Гран-при хаһаайынынан И.Е. Винокуров аатынан Хатыҥ – Арыы орто оскуолата буолла. Бириистэрэ: 1. Оҕо туризмын сайыннарар Федеральнай бырайыак чэрчитинэн Москва “Золотое кольцо” хайысханан бөлөххө барытыгар путевка сертификата. 2. Москва куоракка “Россия – Моя история” историческай мультимедийный парк экскурсиятыгар 10 сертификат. 3. Салайааччыга Анна Ефимовна Васильеваҕа буойун-учуутал Степан Кузьмич Макаров аатынан Чурапчытааҕы гимназия бириэмийэтэ.
Лауреаттар:
С.С. Васильев — Сергей Борогонскай аатынан лауреат. “Хотой” — Д. П. Коркин аатынан ЧРСОЭИО, Чурапчы улууһа.
Г.И. Макаров — Дьуон Дьаҥылы аатынан лауреат. “Умсулҕан” — С.К. Макаров аатынан ЧГ, Чурапчы улууһа.
С.А. Саввин- Күн Дьирибинэ аатынан лауреат. “Дьикти саас” — С.А. Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолата.
И.Д. Винокуров – Чаҕылҕан аатынан лауреат. “Дьулурҕан” — Кэбээйи орто оскуолата, Кэбээйи улууһа.
А.С. Бродников аатынан лауреат. “Аман өс” — Хамаҕатта саха француз-лиссиэйэ, Нам улууһа.
В.И. Башарин аатынан лауреат. «Дьэргэлгэн» — И.М. Яковлев аатынан 1 №-дээх Покровскай орто оскуолата, Хаҥалас улууһа.
Т.Е. Сметанин аатынан лауреат. “Бэргэн” — Н.А. Атласов аатынан Эдьээн орто оскуолата, Уус Майа.
М.И. Кузьмин — Макар Хара аатынан лауреат. “Төлөй өрүөллэрэ” — Төлөй орто оскуолата, Чурапчы улууһа.
Г.Д. Ефимов аатынан лауреат. “Добун”. Д.П. Коркин аатынан ЧРСОЭИО, Чурапчы улууһа.
В.М. Новиков — Күннүк Уурастыырап аатынан лауреат. “Элик бэртэрэ”. Дьокуускай куорат 12№-дээх оскуолата.
В.С. Соловьев – Болот Боотур аатынан лауреат. “Өркөн” — С.К. Макаров аатынан ЧГ, Чурапчы улууһа.
Дипломаннар:
I бөлөх (6-8 кылаастар)
1 степеннээх дипломант. “Дьулуур” — Д.П. Коркин аатынан ЧРСОЭИО, Чурапчы улууһа.
“Уолан” — Герой Н.С. Степанов аатынан Бүлүү 3№-дээх оскуолата, Бүлүү улууһа.
2 степеннээх дипломант. “Добун дорҕоон”- Хамаҕатта саха француз лиссиэйэ, Нам улууһа.
“Уолан” — И.И. Гоголев-Дыргыабай аатынан Найахы ОО, Уус Алдан улууһа.
3 степеннээх дипломант. «Эрчим» — Д.П. Коркин аатынан ЧРСОЭИО, Чурапчы улууһа.
“Дьоҕур” — Курбуһах орто оскуолата, Уус Алдан улууһа.
“Харбалаах уоланнара” — Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Харбалаах орто оскуолата, Таатта улууһа.
II бөлөх (9-11 кылаастар)
1 степеннээх дипломант. “Хоһуун” — Г.П. Башарин аатынан Сылаҥ орто оскуолата, Чурапчы улууһа.
“Поиск” — Н.Заболоцкай-Чысхаан аатынан Томтор ОО, Өймөкөөн улууһа.
2 степеннээх дипломант. “Төлөн” — М.А. Алексеев аатынан Баппаҕаайы ОО, Бүлүү улууһа.
“Дьулуур” — В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолата, Мэҥэ Хаҥалас улууһа.
3 степеннээх дипломант. “Долуо” — Дьокуускай куорат 7 №-дээх оскуолата.
“Дүпсүн уоланнара”- И.Н. Жирков аатынан Дүпсүн ОО, Уус Алдан улууһа.
“Саргын ыччаттара” — Арбын орто оскуолата, Нам улууһа.
Оҕолорго анал ааттар:
Оҕо туризмын сайыннарар Федеральнай бырайыак чэрчитинэн Москва “Золотое кольцо” хайысханан путевка сертификатынан наҕараадаланнылар:
«Бастыҥ ааҕааччы» — Парников Алеша, Хамаҕатта, Нам улууһа.
«Хомоҕой ааҕааччы» — Максимов Женя, Кэбээйи улууһа.
«Иһирэх ааҕааччы» — Бачьев Рустам, Эдьээн, Уус Майа улууһа.
«Иэйиилээх ааҕааччы» — Дьячковскай Айтал, Сылаҥ, Чурапчы улууһа.
«Чаҕылхай ааҕааччы» — Баин Саша, ЧУГ, Чурапчы улууһа.
«Умсугутар ааҕааччы» — Руфов Игнатий, Покровскай 1№-дээх оскуолата, Хаҥалас улууһа.
“Кэскиллээх ааҕааччы” — Семенов Сандал, Дьокуускай 7 №-дээх оскуолата.
«Дорҕоонноох ааҕааччы» — Сивцев Влад, Томтор, Өймөкөөн улууһа.
«Дьоһун ааҕааччы» — Константинов Сеня, ЧРСОЭИО, Чурапчы улууһа.
«Умсугутар ааҕааччы» — Скрябин Ярослав, ЧСОШ, Чурапчы улууһа.
Кэлэктиипкэ анал ааттар:
“Бастыҥ арыйыы” — Дьокуускай куорат 23№-дээх ОО, “Сыккыс”.
“Сонун дьүһүйүү” — Дьокуускай куорат 23№-дээх ОО “Дьулуур”.
“ Дойдунаат” — Д.П. Коркин аатынан ЧРСОЭИО, “Эрчим”.
“Бастыҥ тэтим” — Д.П. Коркин аатынан ЧРСОЭИО, “Чыпчаал”.
“Интернет ситим” – С.А. Новгородов аатынан ЧОО, Чурапчы улууһа. Барыта 3675: инстаграм – 883, ютуб көрүүтэ – 2128, лайк ютуб – 664.
“Бастыҥ видеомонтаж” — Дьокуускай куорат 12№-дээх оскуолата, “Элик бэртэрэ”
Спонсордар, тэрийээччилэр анал бириистэрэ:
- ИП “Эверест” анал бирииһэ. /Директор Макаров Д.Ю./ Н.Заболоцкай-Чысхаан аатынан Томтор ОО, Өймөкөөн улууһа. Бириис: 50.000 суумалаах сертификат.
- “Россия ийэлэрэ” Бүтүн Россиятааҕы хамсааһын регионнааҕы Сэбиэт анал бирииһэ. Г.П. Башарин аатынан Сылаҥ орто оскуолата, Чурапчы улууһа.
- Саха Республикатын “Аҕалар лигалара” общественнай тэрилтэ. Н.А. Атласов аатынан Эдьээн орто оскуолата, Уус Майа улууһа. /Винтовка пневматическая спортивная МР — 512/.
- П.А. Ойуунскай аатынан Саха академическай театр артиската, Саха АССР үтүөлээх, Саха Республикатын народнай артиската Багынанова Зоя Петровна анал бирииһэ. Оконешников Вадим, ЧРСОЭИО, Чурапчы улууһа.
- П.А. Ойуунскай аатынан литературнай музей анал бирииһэ. “Сыккыс” — Дьокуускай куорат 23№-дээх оскуолата.
- МКУ «Управление образования Чурапчинского улуса (района)» анал бирииһэ. Төлөй орто оскуолата, Чурапчы улууһа. “Сосновый бор”.
- Общественная организация ветеранов (пенсионеров) войны, труда, вооруженных сил и правоохранительных органов Республики Саха (Якутия) / Председатель В.О. Иванов/ Д. П. Коркин аатынан ЧРСОЭИО, Чурапчы улууһа. Бириис: Принтер.
- АУ РС (Я) Мультимедийный парк “Россия — Моя история” анал бирииһэ. Дьокуускай куорат 23№-дээх оскуолата. Салайааччы Кулакина Таися Егоровна Бириис: “Россия –Моя история” Историческай мультимедийный парк экскурсиятыгар 10 сертификат.
- ФГАОУ ВО «СВФУ им. М.К. Аммосова» ИНПО анал бирииһэ. Сертификат о прохождении курсов профессиональной переподготовки. Решетникова Татьяна Николаевна – зам. директора по ВР ЧРССОШИОР им. Д.П. Коркина.
- Сертификат о прохождении курсов ПК в объеме 144 ч. Попова Елена Егоровна, Төлөй орто оскуолата, Чурапчы улууһа.
- Сертификат о прохождении курсов ПК в объеме 72 ч. Прядезникова Айталина Гаврильевна, Курбуһах ОО, Уус Алдан улууһа.
Уоланнар ааҕыыларын араас сылларга Гран-при кыайыылаахтарын бириистэрэ:
2006, 2009, 2015 с.с. Гран-при кыайыылааҕа Д.П. Коркин аатынан ЧРСОЭИО анал бирииһин “Дабаан” лааҕырга 2 путевканы Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Харбалаах орто оскуолата “Харбалаах уоланнара” бөлөххө анаата.
2007 с. Гран-при кыайыылааҕа Чурапчы улууһун Дириҥ орто оскуола 3000 солк. суумалаах сертификаты Хамаҕатта саха француз лиссиэйин “Добун дорҕоон” (Нам улууһа) бөлөххө анаата.
2008, 2017 сс. Гран-при кыайыылааҕа С.К.Макаров аатынан ЧГ анал бирииһини Д.П. Коркин аатынан ЧРСОЭИО, Чурапчы улууһа, “Чыпчаал” бөлөххө “Күн Өркөн” экспедисия лааҕыр 2 путевканы анаата.
2010, 2011, 2012, 2019 с.с. Гран-при кыайыылааҕа Хамаҕатта саха-француз лиссиэйэ, Нам улууhун анал бирииһини “Айар кут — HOLLУWOOD” С.К. Макаров аатынан ЧГ бөлөҕөр анаата.
2013 с. Гран-при кыайыылааҕа Харбалаах орто оскуола, Таатта улууһа 3000 солк. суумалаах сертификатнын И.И. Гоголев-Дыргыабай аатынан Найахы орто оскуола, Уус-Алдан улууһун “Уолан” бөлөххө анаата.
2014 с. Гран-при кыайыылааҕа Эдьээн орто оскуола, Уус Майа улууһа анал бирииһин (принтер) Кэбээйи улууһун, Кэбээйи орто оскуола анаата.
2016 с. Гран-при кыайыылааҕа А.И.Софронов аатынан Ытык Күөл орто оскуола 3000 солк. суумалаах анал бирииһин В.П. Ларионов аатынан Майа орто оскуолатын (Мэҥэ-Хаҥалас улууһа) бөлөҕөр анаата.
2018 сыл. Гран-при кыайыылааҕа И.Е.Винокуров аатынан Хатыҥ Арыы оскуолата (Нам улууһа) “Айар кут — HOLLУWOOD” лааҕырга путевканы Герой Н.С. Степанов аатынан Бүлүү 3№-дээх оскуолатын “Уолан” бөлөххө анаата.
Куонкуруһу тэрийээччилэр:
— Өрөспүүбүлүкэтээҕи оӄо хамсааьынын сайыннарар киин;
— Д.П. Коркин аатынан Чурапчы спортивнай эрэл инетрнат-оскуолата (бырайыак автора саха тылын уонна лиетратуратын учуутала Кузьмина Акулина Николаевна).