8 Алтынньы 08.10
  • -5°
  • $ 96,06
  • 105,31

Балаҕаннаахтар Кыайыы 75 сылыгар өйдөбүнньүктэри туруордулар

11:03, 30 июня 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үөһээ Бүлүү улууһун Балаҕаннаах нэһилиэгэр Улуу Кыайыы 75 сылын чэрчитинэн сэрии бэтэрэээннэрэ олорон ааспыт дьиэлэригэр өйдөбүнньүк мэҥэ бэлиэлэри оҥорон ыйаатылар. Нэһилиэктэн Аҕа дойду сэриитигэр барыта 76 киһи барбыта. Хомойуох иһин, кинилэртэн 26-та эрэ төрөөбүт алааһыгар эргиллэн кэлэр дьолу билбитэ.


Бу күннэргэ кырыктаах кыргыһыыга кыттыбыт, дойдуларыгар эргиллэн кэлбит үс сэрии бэтэрээннэрэ: Сталинград сэриитин кыттылааҕа, «За отвагу» мэтээл кавалера Алексей Дмитриевич Дмитриев, Японияны кытта сэрии кыттыылааҕа, 40-тан тахса сыл биригэдьииринэн таһаарыылаахтык үлэлээбит Тимофей Алексеевич Адамов, Белорусскай фроҥҥа сэриилэспит «За боевые заслуги» мэтээл кавалера Игнатий Александрович Аянитов оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ мэҥэ бэлиэлэри оҥотторон, олорбут дьиэлэригэр ыйаан долгуйан туран дьон-сэргэ иннигэр арыйдылар.

Марфа Роменская, А.Д. Дмитриев төрөппүт кыыһа: «Биһиги түөрт бииргэ төрөөбүттэрбит. Аҕабыт 1942 сыллаахха Нам анныттан борокуотунан барбыта, Сталинградка түбэспит этэ. Аҕабыт сэриигэ сылдьыбытын туһунан хаһан да биһиэхэ кэпсээбэтэ. Дьонтон истэн эрэ билэбит. Сталинград ынырыктаах кыргыһыытыгар икки өттүттэн кытаанах киирсиилэр буолбуттар, биэстии мүнүүтэ буола-буола окуопаларын былдьаһан, биир сырыыга биирдэрэ, нөҥүө сырыыга иккистэрэ былдьаан, кырыктаахтык да сэриилэспиттэр. Аҕабыт сүнньүгэр уонна илиитигэр икки бааһырыылаах кэлбитэ. Дойдутугар кэлэн өлүөр диэри үлэ үгэнигэр сылдьыбыт киһи. Аҕабытыгар өйдөбүнньүк бэлиэ туруорбуппутуттан олус астынабыт. Үйэ-саас тухары сиэннэрбит, ыччаттарбыт көрө сылдьыахтара«.

Александра Адамова, Т.А. Адамов кыыһа: «Биһиги аҕабыт 1944 сыллаахха Япония сэриитигэр кыттыбыта. 1946 сыллаахха этэҥҥэ эргиллэн кэлэн дойдутугар колхуоска үлэлээбитэ, ыал буолан, үс оҕону төрөтөн олох дьолун билбитэ. Олус ирдэбиллээх, барыны барытын кэмигэр толорору сөбүлүүрэ, биһигини элбэххэ үөрэппитэ, такайбыта. Партийнай сэкирэтээринэн үлэлээбит буолан, иккис партийнай билиэтин анараа дойдуга уктан барбыта. Оннук курдук бэриниилээх хомуньуус буолааччы. Мин бэйэм ыал улахан оҕото буоларым быһыытынан, аҕам иннигэр эппиэтинэһим олус үрдүк курдук. Онон бэйэм бочуоттаах сынньалаҥҥа олорон, дойдубар эргиллэн кэлэн, аҕам олорбут 1937 сыллаах дьиэтин барытын саҥаттан өрөмүөннээн, оҥорон, иккис тыыны киллэрбиппиттэн, аҕам дьиэтигэр олорорбуттан олус үөрэбин. Кини баҕатын толорбут курдук сананабын. Уопсайынан, киһи сааһырдаҕын аайы дойдутугар тардыһар буолар эбит. Балаҕаннааҕым барахсан дьоно-сэргэтэ үтүөтэ, айылҕата кэрэтэ, сирин аһа өлгөмө уйгу-быйаҥ дойду«.

Никита Аянитов, И.А. Аянитов сиэнэ: «Биһиги эһэбит 1943-1944 сылларга бастакы Белорусскай фроҥҥа өстөөҕү утары сэриилэспитэ. Сэриигэ сылдьан улахан бааһырыыны ылан дойдутугар эргиллэн кэлбитэ. Өр сылларга киномеханигынан, биригэдьииринэн үлэлээбитэ. Бултуурун, балыктыырын олус сөбүлүүрэ. Эһэбит олорбут өтөҕөр ыччат дьоно кэлэн мэҥэ бэлиэ ыйаабыппытынан, эһэбитинэн киэн туттабыт».

Степан Дмитриев, Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга: «Бу Аҕа дойду улуу сэриитин кэмигэр киминэн да хатыламматах, хамандыырын түөһүнэн бүөлээн, буулдьаны бэйэтигэр ылынан олоҕун толук уурбут биир дойдулаахпыт Афанасий Софронов — Боороо аатынан уулуссаҕа үс сэрии бэтэрэээнэ олорбута. Кинилэр сэриигэ хорсуннук кыргыһан кэлэн баран, улууска, нэһилиэккэ эйэлээх олоҕу тутуспут киэн туттар дьоммут буолаллар. Кыайыы 75 көрсө оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ бэйэлэрэ тыл көтөҕөн мэҥэ бэлиэ туруорабыт диэбиттэрин үөрүүнэн ылыммыппыт. Бу үйэлээх дьыала үтүө холобур буолар».

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА