Кыһыл Үрүйэтээҕи оҕо лааҕырын 7 мөл тахса харчыга сөргүтүөхтэрэ

Хаҥалас улууһун Кыһыл Үрүйэ нэһилиэгэр баар «Булуус уһаайбата» диэн оҕо сайыҥҥы сынньалаҥ лааҕырын сөргүтүөхтэрэ. Маныаха 7 мөл 200 тыһ харчы көрүллүбүт.


Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн быйыл барыта 50 мөл солкуобайга 15 оҕо сынньанар лааҕыра сөргүтүллүө. Олортон саамай улахан үбү — 7 мөл 200 тыһ солкуобайы Кыһыл Үрүйэтээҕи «Булуус уһаайбата» лааҕыр ылбыт.

«Лааҕыр түннүктэрэ уларыйыахтара, олорор, тэхиниичэскэй куорпустар сөргүтүллүөхтэрэ, кэҥээн биэриэхтэрэ. Быһата толору сөргүтүү үлэтэ барыа», — диир Хаҥаластааҕы үөрэх управлениетын салайааччы Елизавета Мартынова.

«Булуус уһаайбата» лааҕыр «Булуус» туристическай комплекстан чугас турар. Лааҕыр кэмигэр оҕолор манна анаан-минээн сылдьаллар.

This post was published on 28.04.2021 15:04 15:04