“Сахамедиа” АУо, СИА-сонуннар сахалыы саайт “Сахам сирэ” өрөспүүбүлүкэтээҕи акция чэрчитинэн “Кэл, олор, чэйдиэх!” хаартыска көрүүтүн куонкуруһун биллэрбитэ. Сырдык санааттан саҕыллар аһылык сиэрин-туомун кэпсиир, билиһиннэрэр сыаллаах куонкуруска хаартысканы тутуу болдьоҕо сарсын бүтэһик күнэ. Онон бүгүн киэһээҥи чэйгитин хаартыскаҕа үйэтитэн ыытар дьоллоох чааскытын мүччү тутумаҥ!
«Үтүө күнүнэн, хаартысканан куонкуруһу тэрийээччилэр! Биһиги Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин олохтоохторо Долгуновтар буолабыт. Оҕолорбут улаатан туспа бур-бур буруо таһааран олороллор. Онон дьиэбитигэр иккиэбит. Аймахтарбыт күүлэйдии кэлэллэрин олус сөбүлүүбүт», — диэн суруйар ыал ийэтэ Капиталина Егоровна.
Кини кэргэнинээн Василий Васильевичтыын ордук өрөбүл күннэргэ, бырааһынньыктарга, ардыгар киэһэ аһылыкка аймахтарын чэйгэ ыҥыралларын туохтааҕар да ордороллор.
Ыал аҕата кэпсииринэн, маннык түгэннэргэ киһи олус сынньанар, арааһы кэпсэтэн сэргэхсийэр. «Ийэбит ыалдьыттары, ордук кырачааннары маанылыыр, үөрдэр туһуттан минньигэс астаах остуол тэрийэр», — диир кини.
Куонкурус балаһыанньатын «СИА-сонуннар» сахалыы саайтка киирэн билсиҥ https://sakha.ysia.ru/kel-olor/