Ил Түмэн дьокутааттара хаарбах дьиэлэртэн дьону чааһынай дьиэлэргэ көһөрөрү эттилэр

Ил Түмэн пленарнай мунньаҕар норуот дьокутааттара «О Фонде содействия реформированию жилищно-коммунального хозяйства» федеральнай сокуон 16 уонна 19.1 ыстатыйаларыгар уларытыылары киллэрэри эттилэр. Уларыйыылар хаарбах туруктаах дьиэлэртэн дьону чааһынай дьиэлэргэ көһөрөр кыаҕы биэриэхтэрэ.


Ил Түмэн дьокутааттара бэлэмнээбит федеральнай сокуон барыла чааһынай дьиэлэри собуот бэлэмнээбит конструкциятынан туттарга уонна атыылаһарга туһуламмыт.

Парламент тутууга сис кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Яков Ефимов сокуон барылын федеральнай сокуоннары көрөр хамыыһыйа, Татарстан өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбаннай Сэбиэтэ өйөөбүттэрин иһитиннэрдэ.

Кыра нэһилиэктэргэ хаарбах дьиэ ахсаана аҕыйах. Маныаха элбэх кыбартыыралаах дьиэлэри проектнай-сметнай үлэни ыытан, экспертизанан көҥүллэтэн тутар табыгаһа суох. Итини таһынан, тыа сиригэр бэлэм дьиэни ылар күчүмэҕэйдэрдээх. Иллэҥ дьиэ суоҕун кэриэтэ. Онон атыылаһыы көрүҥэ табыллыбат. Ил Түмэн дьокутааттара бэлэмнээбит сокуоннарын барыла маныаха табыгастаах.

This post was published on 19.02.2021 15:06 15:06