22 Сэтинньи 22.11
  • -30°
  • $ 100,68
  • 106,08

Ил Дархан нэдиэлэтэ: ДНР Кировскайыгар Саха сиринээҕи офтальмологическай балыыһа филиала арылынна

Фото: Пресс-служба региона
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бэс ыйын 19 күнэ. Ил Дархан  тылы чинчийээччилэригэр, тыл эйгэтин үлэһиттэригэр Дьокуускайга «Саха Өрөспүблүкэтигэр тыл политиката: төрүт омуктар үгэс билиилэрин харыстааһын» диэн дойду тутаах экспертэрэ кыттыылаах научнай-практическай кэмпириэнсийэ аһыллыбытынан эҕэрдэтин тиэртэ. Онно кини Саха сиригэр 135 араас омук бэрэстэбиитэллэрэ иллээхтик-эйэлээхтик олороллорун, хас биирдиилэрэ хатыламмат култууралааҕынан, тыллааҕынан, үгэстээҕинэн киэн туттарбытын эттэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ икки судаарыстыбаннай – нуучча уона саха тыла киэҥник туттуллар, биэс официальнай – эбээн, эбэҥки, дьүкээгир, долган, чукча тылыгар ураты болҕомто ууруллар. Төрөөбүт тыл туттуллар эйгэтин кэҥэтиигэ сыыппара технологиятын сайыннарыы саҥа кыахтары арыйар. Дойдубут Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин Арассыыйа модун кыаҕа уонна күүһэ элбэх араас омуктар тылларыгар, үгэстэригэр, култуураларыгар көстөрүн, ол иһин биһиги бу сүдү баайбытын харыстыыр уонна сайыннарар ытык иэстээхпитин санаппытын аҕынна.

Бэс ыйын 19 күнэ.  Айсен Николаев байыаннай эпэрээссийэ буола турар сиригэр тиийэн, сулууспалыы сылдьар биир дойдулаахтарбытын кытары көрүстэ.

 «Саха сириттэн сылдьар уолаттарбыт баар байыаннай чаастарыгар сырыттым. Байыастар биир дойдулаахтарбыт өйөбүллэрин мэлдьи билэллэрин туһунан кэпсээтилэр. Кинилэр истиҥ махталларын тиэрдэллэр. Тирэх пууннар үлэлэрин хайгыыллар. Кыайыахпыт диэн бигэ эрэллээхтэр уонна кыайыыны чугаһатарга туруулаһа сылдьаллар. Биһиги өрүү эһигинниин! Бэйэҕитин харыстаныҥ уонна дьиэҕитигэр түргэнник төннүҥ!», — диэн Айсен Сергеевич үллэһиннэ.

 Ил Дархан бу сырыытыгар байыаннай сулууспалаахтары хааччыйар тирэх пууннарга сырытта.  Саха сириттэн гуманитарнай таһаҕаһы тириэртэ, бойобуой сорудаҕы көдьүүстээхтик толорууга туһанылларга бии техническэй тэриллэри туттарда. Кини байыастарга өссө төгүл «Сокол» квадроцикллары тиксэрдэ. Бу маннык квадроцикллары Дьокуускайга «Якт-Сокол» тэрилтэ оҥорон таһаарар. Уһук Илиҥҥэ Бэрэсидьиэн боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ, вице-премьер Юрий Трутнев Саха сиригэр кэлэ сылдьан, бу маннык оҥорон таһаарыыны элбэтэр туһунан эппитэ. Онон өссө 50 квадроциклы оҥорон, тиксэрэр былааннаахтар. Бу көлөлөр суола-ииһэ суох сирдэргэ үчүгэйдик сылдьалларынан табыгастаахтар.

Саха сирин Кэлим сүрүннүүр киинин тирэх пууннара 2022 сыл сэтинньитигэр тэриллибиттэрэ. Донецкай Өрөспүүбүлүкэтигэр бойобуой дьайыылар буола турар сирдэриттэн чугас бааллар. Тирэх пууннар анал малларынан хааччыйыынан эрэ дьарыктамматтар, бааһырбыттарга бары өттүнэн көмөлөһөллөр, докумуоннарын оҥорон биэрэллэр.

«Тирэх пууннар үлэһиттэригэр махтаныахпын баҕарабын. Уустук быһыыга-майгыга сылдьан, байыастарга туох наадатын барытын тиксэрэллэр, бэриниилээхтик үлэлииллэр», — диэтэ эрэгийиэн баһылыга.

 Бэс ыйын 20 күнэ. Айсен Николаев Донецкай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин сырыытынк эмигэр Кировскай куоракка Саха сиринээҕи офтальмологическай балыыһа филиалын арыйда.  Дьокуускатан харах быраастара тиийэн, миэстэтигэр бэс ыйын 30 күнүттэн үлэлэрин саҕалыахтара. Билигин анал тэриллэрин аҕалан туруордулар. Филиал аһыллыыта Кировскай олохтоохторугар эрэ буолбакка, Донбасс илиҥҥи өттүнээҕи нэһилиэнньэтигэр улахан көмөлөөх буолуоҕа.

 Санатар буоллахха, 2022 сыл сааһыттан Саха сирэ Кировскай куораты кытта шефтэһэр. Бу кэмтэн харах быраастарын биригээдэтэ 800-тэн тахса эпэрээссийэни оҥорон, сүүһүнэн дьон хараҕын өрүһүйдүлэр. Саамай сүрүнэ – олохтоохтор ис сүрэхтэн махтаныылара буоларын Ил Дархан бэлиэтиир.

Бэс ыйын 20 күнэ. Айсен Николаев Кировскай куоракка Донбасс Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин баһылыгын эбээһинэһин толорооччу Денис Пушилины кытта инникитин бииргэ үлэлээһин былаанын ырыттылар. Ил Дархан бары чөлүгэр түһэрии, өрөмүөн үлэтин былаан быһыытынан оҥоруохпут, Кировскайга ИТ- киин аһылларыгар көмөлөһүөхпүт диэн бэлиэтээтэ. Денис Пушилин Саха сирин олохтоохторугар, салалтатыгар махтанна. Айсен Николаев уонна Денис Пушилин саҥардыллар МФЦ дьиэтин көрдүлэр. Эбийиэк от ыйын 15 күнүгэр оҥоһуллан бүтүөҕэ. Ил Дархан оскуоланы бүтэрээччилэр үөрүүлээх тэрээһиннэригэр сырытта, музыкальнай оскуола кэллэктиибин кытта көрүстэ. Кировскай куорат дьаһалтатыгар коммунальнай хаһаайыстыбаҕа анаан саҥа техника туттарда. Донбасска сырыытыгар Айсен Николаев байыаннай госпитальга сырытта. Анал дьайыыга кыттар «Илин» байыаннай чаастар бөлөхтөрүн салалтатын кытта байыастары өйөөһүн боппуруостарын кэпсэттилэр.

Бэс ыйын 21 күнэ.  Өрөспүүбүлүкэ баһылыга Саха сирин олохтоохторун уонна ыалдьыттарын Үрүҥ Тунах Ыһыаҕынан эҕэрдэлээтэ.

Бу улуу Арассыыйа сиригэр-уотугар саамай улахан национальнай бырааһынньык, ыалдьыттарбытыгар саха норуота күн бүгүн илдьэ кэлбит үтүө үгэһин, бары үчүгэйин, кэрэтин көрдөрөбүт диэн бэлиэтээтэ. Быйыл Туймаада Ыһыаҕар уран тарбахтаахтарбыт уонна өрөспүүбүлүкэбит улуустарын, куораттарын айар холбоһуктара «Саха сирин быысапкаламмыт хаартатын» бар дьон көрүүтүгэр таһаарыахтара. Хаарта сүрүн элэмиэнэ – Саха сирин гиэрбэтэ. Манна Олоҥхобут, таҥаспыт, ураһабыт, чорооммут, сирбит баайа, оһуорбут-мандарбыт барыта көстөр. Ыһыахха этиллибит алгыс байыаннай дьайыыга Аҕа дойдуну көмүскүү сылдьар байыастарбытыгарк ыайыыны-хотууну аҕаллын диэн эҕэрдэҕэ этиллэр.

Бэс ыйын 21 күнэ. Бу күн Айсен Николаев Майа сэлиэнньэтин Ураһалаах алааһыгар улуус олохтоохторун уонна ыалдьыттарын Үрүҥ Тунах ыһыаҕынан эҕэрдэлээтэ,  Мэҥэ Хаҥалас дьоно-сэргэтэ Саха сирин уонна дойду сайдыытыгар кылааттарын, наукаҕа, успуорка, култуураҕа, тыа хаһаайыстыбатыгар, онтон да атын салааларга ситиһиилэрин бэлиэтээтэ.

«Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойа Федор Попов курдук саха норуотун чулуу уолаттара өйбүтүгэр-сүрэхпитигэр куруук бааллар. Күн бүгүн Мэҥэ Хаҥалас улууһун олохтоохторо өрөспүүбүлүкэ уонна дойду социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыытыгар сүҥкэн кылааттарын киллэрэллэр. Кэлиҥҥи сылларга улууска 19 социальнай эбийиэк тутулунна, өссө 18 эбийиэк тутулла турар. Үтүө түмүктэр тыа хаһаайыстыбатыгар, хаарбах дьиэлэртэн дьону көһөрүүгэ бааллар. Бу барыта улахан куораттар эрэ буолбакка, тыа сирин нэһилиэнньэлээх пууннарыгар эмиэ сайдыы барарын көрдөрөр», — диэн Ил Дархан эттэ.

«Үлэ-үөрүү, үлэ  дьол, үлэ үүнэр-сайдар суол» диэн девиһинэн барбыт ыһыахха хас биирдии нэһилиэк бэрэстэбиитэллэрэ сэлэлии хаамтылар, олор истэригэр 100 учуутал уонна уһуйааччы, үлэ 100 бастыҥ үлэһитэ, тыа хаһаайыстыбатын 100 бастыҥ үлэһитэ, 100 уһулуччулаах спортсмен, успуорт бэтэрээнэ кытыннылар. Бу күн бочуоттаах ыалдьыттарынан Алдан оройуонун делегацията буолла. Икки улуус доҕордуу сыһыаны олохтообута 55 сылын туолла.

Бэс ыйын 21 күнэ. Ил Дархан Мэҥэ Хаҥаласка сырыытыгар «Тумул» кэпэрэтиип салайааччыта Таисия Десяткинаны көрсөн сэһэргэстэ. Уопуттаах салайааччы Айсен Николаевка бэйэтин сэлиэһинэй бурдугунан астаабыт алаадьытын, лэппиэскэтин, сылгы этин уонна хаттатын амсатта, хаһаайыстыбатын, нэһилиэгин үлэтин-хамнаһын туһунан кэпсээтэ. Таисия Васильевна баар уустуктары, ол иһигэр оттуур сир тиийбэтиттэн ыччаттар «сир түүлэһэн» атын улуустарга оттуулларын туһунан эттэ. Маны тэҥэ Ил Дархан мэхэсиньээтэрдэри, агрооскуола оҕолорун кытта сирэй көрсөн, санааларын иһиттэ, үлэни-хамнаһы билистэ.

Бэс ыйын 22 күнэ. Айсен Николаев уонна Кытай Норуодунай Өрөспүүбүлүкэтин Хабаровскайга генеральнай консула тойон Цзян Сяоян эрэгийиэннэр икки ардыларынааҕы бииргэ үлэлэһии туһунан кэпсэттилэр. Саха сирэ Хэйлунцзян провинцияны кытта 19 сыл анараа өттүгэр түһэрсиллибит сөбүлэһии чэрчитинэн экэниэмикэ, атыы-эргиэн, култуура уонна наука хайысхаларыгар ыкса үлэлэһэр. Холобура, бу күннэргэ урбаан 30-тан тахса бэрэстэбиитэлэ Харбиннааҕы 32-с дьаарбаҥкаҕа бородууксуйаларынан кыттан, хантараактарга илии баттастылар. Көрсүһүүгэ Амур уобалаһын кытта Саха сирин көҕүлээһинин «Джалинда — Мохэ» норуоттар икки ардыларынааҕы кыраныысса туорааһынын саҥардыы туһунан ырыттылар. Ону тэҥэ култуура, үөрэх уонна успуорт эйгэтигэр алтыһыыга тохтоотулар. Айсен Николаев тойон Цзян Сяояны Туймаада ыһыаҕар ыалдьыттыырыгар ыҥырда.

Бэс ыйын 22 күнэ. Ил Дархан Уһук Илин уокурук эрэгийиэннэрин уонна муниципальнай тэриллилэрин хонтуруоллуур-суоттуур уорганнарын үлэтигэр сыыппараны киллэриигэ анаммыт мунньахха кытынна. Хонтуруоллуур-суоттуур үлэҕэ саҥа технологиялары туттуу судаарыстыбаннай салайыныыга сыыппаралааһын ситэригэр-хоторугар тутаах оруолу ыларын бэлиэтээтэ. Саха сиригэр 12 национальнай бырайыак сыалын-соругун толорууга эрэгийиэн  44бырайыага олоххо киирэр, онно анаан бүддьүөттэн 66,88 млрд солк. үп, ол иһигэр 52,76 млрд солк. федеральнай киинтэн көрүллүбүтэ. Ону бириэмэтигэр тус сыалга туттууну хонтуруоллааһыны тэҥэ, дьон олоҕун хаачыстыбатын тупсарыгар дьайыытын сыаналааһын тоҕостооҕун туһунан Ил Дархан эттэ. Өрөспүүбүлүкэ баһылыгын быһыыны-майгыны кэтиир киинигэр эрэгийиэн Ааҕар-суоттуур палатата холбонон, мониторинг уонна хонтуруоллуур тэрээһиннэрии ыытыы толору автоматизациянан хааччыллыбыт.

Бэс ыйын 22 күнэ. Айсен Николаев доруобуйа харыстабылын тэрилтэлэрин салайааччыларын уонна улуустар киин балыыһаларын кылаабынай быраастарын кытта саҥа кардиососудистай диспансерга көрүстэ. 42 саҥа мэдиссиинэ массыыналарын туттарда. Ол иһигэр улуустардааҕы балыыһаларга 38 УАЗ «санитарнай» массыына, Дьокуускайга үлэлиир өрөспүүбүлүкэ балыыһаларыгар икки массыына, онтон Аммаҕа уонна Чурапчыга ПАЗ автобуска таҥыллыбыт, ФЛГ уонна маммография аппарааттаах мэдиссинэ комплекстара. Быраастар кэнники биэс сылга доруобуйа харыстабылыгар элбэх саҥа  эбийиэк, саҥа оборудование, техника, аныгы бастыҥ эмтиир ньымалар үлэҕэ киирбиттэрин бэлиэтээтилэр. 2018 сылтан 65 эбийиэк, онтон ааспыт сылга эрэ 23 биэлсэр пууна уонна амбулатория үлэҕэ киирбит. 229 массыына уонна 16 көһө сылдьар комплекс балыыһаларга бэриллибит.

Бэс ыйын 23 күнэ. Ил Дархан Дьокуускайга буолан ааспыт Бүтүн Арассыыйатааҕы чөл олоҕу тутуһуу култууратын сайыннарыы туһунан научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ кыттыбыт федеральнай экспертэри кытта көрүстэ. Айсен Николаев доруобуйа харыстабылыгар ыытыллар үлэ туһунан кэпсээтэ. Экспертэр Саха сиригэр оҕо уонна ийэ доруобуйатын харыстааһыҥҥа үгүс түмүктээх үлэ барарын бэлиэтээтилэр. Сүрүнэ — ыарыыны эрдэттэн сэрэтэр үлэни ыытыы, үлэлиир эр дьон доруобуйатын харыстыырга анал бырайыагы киллэрэр тоҕоостооҕун туһунан эттилэр.

Бэс ыйын 23 күнэ. Айсен Николаев Кытай Хэйлунцзян провинциятын Сүбэлиир народнай бэлитиичэскэй сэбиэтин бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта Ли Хайтаоны кытта оробуочай көрсүһүүтүгэр эргиэн-экэнэмиичэскэй, култуурунай-гуманитарнай сыһыаннары сайыннарыы хайысхаларын ырыттылар. Форумҥа Саха сирин кытта бииргэ үлэлиир былааннаах Хэйлунцзян тырааныспар уонна балык хаһаайыстыбатын икки бөдөҥ хампаанньата кыттар. Өрүттэр «Джалинда — Мохэ» бырайыак, табаар эргиирин улаатыннарыы, үөрэх хайысхатыгар сибээһи кэҥэтии уонна эһиил «Азия оҕолоро» оонньууларга Кытай хамаандата кыттыытын туһунан дьүүллэстилэр. Тойон Ли Хайтао Хэйлунцзян губернаторын аатыттан Ил Дарханы провинцияҕа кэлэ сылдьарыгар ыҥырда.

Бэс ыйын 23 күнэ. Ил Дархан Саха сирэ уонна Кытай провинцияларын кытта бырааттыы сыһыаны сайыннарыыга анаммыт норуоттар икки ардыларынааҕы форум пленарнай мунньаҕар кытынна. Тэрээһиҥҥэ Кытайтан сүүсчэкэ киһилээх дэлэгээссийэ кэлбит. Өрөспүүбүлүкэ 19 муниципальнай тэриллиитэ Кытай Хэйлунцзян уонна Цзилинь провинцияларын 22 куораттарын, уезтарын кытта быраатты сыһыаны тутуһар. Айсен Николаев муниципалитеттар доҕордоһуулара эрэгийиэннэр икки ардыларыгар сибээһи сайыннарар, ол Арассыыйа уонна Кытай икки ардыгар үтүө сыһыаны бөҕөргөтөр диэн бэлиэтээтэ. Инвестиция бырайыактарын олоххо киллэрии эрэ буолбакка, тырааныспар-логистика соруктарын быһаарыыга бииргэ үлэлээһин кэскиллээҕин туһунан эттэ. Ону тэҥэ тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын таҥастааһын, олохтоох бырамыысаланнас, ол иһигэр тутуу матырыйаалын оҥорон таһаарыы, туризм эйгэтигэр бииргэ үлэлээһин сайдар кыахтаах. Саха-кытай университета тэриллэн, олоххо киириэҕэ.

Бэс ыйын 24 күнэ. Ил Дархан Айсен Николаев Саха сирин олохтоохторун Ыччат күнүнэн эҕэрдэлээтэ уонна эдэр дьон наукаҕа, үөрэххэ, успуорка, араас таһымнаах куонкурустарга ситиһиилэринэн киэн туттарын бэлиэтээтэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ бүгүҥҥү туругунан 314 606 эдэр ыччат олорор. Бу эрэгийиэн нэһилиэнньэтин 32%-на буолар. Сыл аайы  судаарыстыбаннай эдэр ыччат бэлиитикэтигэр аналлаах 300-тэн тахса тэрээһин ыытыллар.

Бэс ыйын 24 күнэ. Туймаада ыһыаҕын өрөгөйдөөх аһыллыытын кэмигэр Ил Дархан үөрүүлээх сонуну иһитиннэрдэ – өрөспүүбүлүкэбит мөлүйүөннээх олохтооҕунан бэҕэһээ Мииринэй куоракка Онуфриевтар дьиэ кэргэттэригэр төрөөбүт кыыс оҕо буолбут. Сахабыт сирэ Арассыыйа биир саамай тэтимнээхтик сайда турар эрэгийиэнэ буолар уонна өссө даҕаны салгыы сайда туруохпут, Саха сирэ – иннибит диэки диэн Айсен Николаев бэлиэтээтэ. Ил Дархан улахан уларыйыылары ааһа турар кэмҥэ бииргэ сомоҕолоһон кыайыыга дьулуһарга ыҥырда. Алгыска этиллибит  тыллар анал дьайыыга сылдьар уолаттарбытын араҥаччылатынар, этэҥҥэ кыайыылаах эргиллэн кэллинэр диэн баҕа санаатын эттэ.

Айсен Николаев Ыһыах түһүлгэтиттэн Саха сирин олохтоохторун мөлүйүөн ахсааҥҥа тиэрдибит оҕо ийэтин Арина Онуфриеваны телефонунан эҕэрдэлээтэ. Кыысчаан билигин ийэтинээн Дьокуускайга перинатальнай кииҥҥэ сыталлар, этэҥҥэлэр, сотору дьиэлэригэр тахсыахтара. Кыыс ийэтэ кырачааны сахалыы ааттыылларын туһунан эттэ.

Ил Дархан Туймаада Ыһыаҕын тэрээһиннэригэр кытынна. Технопарка түһүлгэтигэр «Саха инновации 2023» быыстапкаҕа саҥа олоххо киирбит бырайыактары көрдө. Барыта 35-тэн тахса бырайыагы туруорбуттар. Олор истэригэр — ууга устар кыахтаах «Мамонт» вездеход, биирдэ сэрээттэнэн баран ыраахха диэри айанныыр электрическэй бэлисэпиэт, эчэйбит дьону кыргыһыы толоонуттан таһаарар бронекапсула, электрическэй көлөөскө, элбэх функциялаах погрузчик, бэйэтэ айанныыр тэлиэгэ уо.д.а. Айсен Николаев «Кванториум» оҕо технопааркатын саҥаны айааччылара Ксения Слепцованы уонна Светлана Кузьминаны кытта кэпсэттэ. Оҕолор көрбөт-истибэт дьоҥҥо илии иминэн билэн музей экспонаттарын кытта билсэр кыаҕы биэрэр тэрили көрдөрдүлэр.

Айсен Николаев алтыһын ыытыллар «Айыы аһа» күрэххэ кыттар хаһаайыстыбалар кымыстарын хаачыстыбатын сыаналаата. 15 кыттааччы, ол иһигэр агрооскуолалар бааллар. Ил Дархан сылгы иитиитэ барыстаах салаа ахсааныгар киирэр буолла, онуоха судаарыстыба көмөтүн аччаппакка, сылтан сыл аайы улаатыннарар, бородууксуйаны таҥастааһыны уонна батарыыны сайыннарыы соруга турар диэн бэлиэтээтэ. Түһүлгэҕэ саха сылгытыгар анаммыт маастардар оҥоһуктарын быыстапкатын көрдө.

Ил Дархан «Саха тимирэ: сөргүтүү» фестивалга уустары кытта көрүстэ. Былырыын бастыҥ алта ууска ый аайы бэриллэр Ил Дархан истипиэндьийэтэ олохтоммута. Бу ыһыахха 17 тимир ууһа 7 номинацияҕа күрэхтэһэр. Бастыҥ уустар маастар кылаас биэрдилэр, дьон оҥоһуктар быыстапкаларын сэргии көрдө.

Маны тэҥэ Ил Дархан «Туймаада ыһыаҕын оһуохайа» күөн-күрэс кытааччыларын — бастыҥ этээччилэри кытта көрүстэ. Быйылгы күөн-күрэс Аан Дархан этээччи Афанасий Алексеевка ананар.

Айсен Николаев «Место встречи VK» ыччат фестивалын кыттыылаахтарын эҕэрдэлээтэ. Тэрээһиҥҥэ 4 тыһыынчаттан тахса киһи кытынна. Ил Дархан быйыл ыһыахха эдэр дьон элбээбитин бэлиэтии көрбүтүн туһунан эттэ. «Гражданскай килбиэн» бэлиэни бастыҥ волонтердарга Айыллаан Винокуровка, Ксения Ивановаҕа туттарда.

Бэс ыйын 24 күнэ. Ил Дархан бэйэтин телеграм-ханаалыгар Саха сирэ дойдубут Бэрэсэдьиэнэ Владимир Путины өйүүрүн биллэрдэ. «Саха сирэ Владимир Владимирович Путины кытта бииргэ! Арассыыйа күүһэ – үгүс омуктары сомоҕолуур норуотугар! Билигин ити күүһү көрдөрөр хаһааҥҥытааҕар да суолталаах – ис уонна тас өстөөхтөрбүт биир иллээх дьиэ кэргэммитигэр өстөһүүнү аҕалбаттарын туһугар. Бүгүн саха омук ытык бырааһынньыгар Ыһыах кэмигэр айыыларга алгыс анаан буойуттарбыт туһугар, Кыайыы туһугар үҥэбит!» — диэн бэлиэтээтэ.

Бэс ыйын 25 күнэ. Туймаада ыһыаҕар Үс Хатыҥҥа «Уйгулаах» диэн былааһааккаҕа «Суруллубут – суоруллубат: Айсен Николаев олоҕу көрүүтэ уонна кини үлэтин туһунан санаалар»диэн саҥа кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Кинигэ ааптарынан cуруналыыс, «Ситим» медиабөлөх салайааччыта Владимир Степанов буолар. Бу кинигэҕэ кини уон сыл устата 2013 сылтан саҕалаан Айсен Николаевтан,  киин куорат баһылыгынан үлэлиирин саҕаттан билиҥҥэ диэри ылбыт интервьюларын түмэн киллэрбит. Араас сыллардааҕы кэпсэтиилэригэр Айсен Сергевич олоххо көрүүтүн үллэстэр, өрөспүүбүлүкэ сайдыытын тыын суолталаах боппуруостарын таарыйар. Маны сэргэ Борис Неустроев — Мандар Уус, Ульяна Винокурова,. Андрей Борисов, Андрей Федотов уо.д.а. биллиилээх дьон  өрөспүүбүлүкэ аҕа баһылыгына ыытар үлэтин туһунан санаалара киирбиттэр. Кинигэ 10 тыһ. экземплярынан тахсыбыт.

Бэс ыйын 25 күнэ. «Дыгын онньуулара-2023» муҥутуур кыайыылааҕынан 21 саастаах Вячеслав Дьяконов буолла. Кинини Айсен Николаев эҕэрдэлээтэ уонна бу ситиһии чахчыта да дьаныһан туран дьарыктаныыттан, кыайыыга дьулууруттан ситиһиллибитин бэлиэтээтэ. Вячеслав күрэхтэһиигэ Нам улууһуттан кытынна. Дьон кинини «Дыгын оонньууларын» алта төгүллээх кыайыылааҕа Николай Дьяконов уола буоларын билэр.  Дьяконов тутум эргииргэ рекорд олохтоон, 73-тэ эргийдэ, эмиэ бастыҥ көрдөрүүнү оҕунан ытыыга ситистэ. Иккис миэстэни онус төгүлүн бу оонньууларга өрүү ситиһиилээхтик кыттар Намтан Артем Варданян ылла. Үһүс миэстэҕэ Үөһээ Бүлүүттэн Айсен Ботуев таҕыста. Муҥутуур кыайыылаахха «Прогресс» тутуу хампаанньата 1 мөл. солк. сертификаты туттарда. Быйылгы күрэхтэһии финалыгар 12 киһи кытынна. Былырыыҥҥы «Дыгын оонньуутун» кыайыылааҕа Алексей Уваровскай эчэйии ылан күрэхтэһиигэ киирбэтэ.

Бэс ыйын 25 күнэ.  Туймаада ыһыаҕар Ил Дархан бирииһигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи ат сүүрдүүтэ буолла. Уопсай бириис пуондата — 6 мөлүйүөн 200 тыһыынча солкуобай. Ил Дархан бирииһигэр 2400 миэтэрэҕэ 4 саастарын ааспыт, өрөспүүбүлүкэҕэ төрөөбүт ыраас боруода хааннаах аттарга  Амма улууһуттан Строд аатынан кэпэрэтииптэн Ламан Леча кыайда. Тириэньэр-жокей — Спиридон Тимофеев. Кини 2 мүнүүтэ 38,26 сөкүүндэ көрдөрүүлээх. Айсен Николаев кыайыылаахха 2,5 мөл. солк. сэртипикээти туттарда. 1 мөл. тахса солк. бириистээх иккис миэстэҕэ Чурапчыттан Кинээс Болотоков таҕыста. Үһүс миэстэни — 750 тыһ. солк. Намтан Аутлендер, төрдүһү — 500 тыһ. солк. Сунтаартан Байсар Барс ыллылар.

Күндү Саха сирин олохтоохторо! Улуустарга, нэһилиэктэргэ уонна Туймаада туонатыгар ыһыахпытын ыһан, алгыс баһын көтөҕөн, сырдыгы, үтүөнү эрэ ыралаатыбыт, уйгуну-быйаҥы айыылартан көрдөстүбүт. Ол барыта туоллун!

 Афанасий Ноев

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА