Икки оҕолоох аҕа кэргэнэ үсүһүн хат буоллаҕына быстах байыаннай хомууртан босхолонор

Россияҕа икки оҕолоох аҕа кэргэнэ үһүс оҕотун хат буоллаҕына, быстах байыаннай хомууртан босхолонор. Дьахтар оһоҕостоммута 22 нэдиэлэтин ааспыт буолуохтаах.

Маннык быһаарыыны РФ Оборуонаҕа министиэристибэтэ ылынна, суруйар ТАСС Госдума дьиэ кэргэҥҥэ кэмитиэтин баһылыга Нина Останинаҕа сигэнэн.

Маны сэргэ Генштаб директиватыгар инбэлиит оҕолоох аҕа эмиэ хомууртан босхолоноро сурулунна, оҕо ахсааныттан тутулуга суох.

This post was published on 27.10.2022 15:33 15:33