Ийэ хапытаала сылын аайы үрдүө

Ийэ хапытаала сылын аайы үрдээн иһиэн (индексацияланыан) туһунан дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сенатордары кытары көрсүһүүтүгэр эттэ. Бу туһунан “Российская газета” суруйар.


В.Путин 2020 сылга хапытаал кээмэйэ 616 тыһ. 617 солкуобайга тэҥнэспитин, маныаха бастакы оҕо төрөөтөҕүнэ 466 тыһ. 617 солкуобайы ылыахха сөбүн эттэ.

Ийэ хапытаала сылын аайы инфляция туругуттан көрөн үрдүө, диэтэ Владимир Путин. Дойду баһылыга эһиил ийэ хапытаала 639 тыһ 432 солкуобай буолуон. Бастакы оҕоҕо төлөбүр 483 тыһ. 882 солкуобайга тэҥнэһиэн эттэ.

This post was published on 24.09.2020 13:01 13:01