Харах балыыһатыгар кислороднай ыстаансыйаны үлэлэттилэр

Саха сиригэр харах балыыһатыгар аан бастакытын кислород биэрэр систиэмэни холбоотулар. Ыстаансыйа ыарыһах эпэрээссийэтин кэмигэр уонна салгыы реабилитациятыгар туһалыахтаах. СИА-ҕа кылаабынай быраас Иван Луцкан кэпсээтэ.

Иван Луцкан эппитинэн, кислороднай ыстаансыйа ылар туһунан боппуруоһу, COVID-19 өссө да сүтэрэ биллибэт диэн, өссө ааспыт сылга туруорсубуттар. Кислороду эпэрээссийэлиир сиргэ уонна палааталарга тэҥинэн биэрэр кииннэммит систиэмэ биэрэрэ ордуга быһаарыллар.

«Баллоннарынан эрэ тохтоло суох үлэлиир кыһалҕата элбэх. Кутталлаах даҕаны уонна кислороду тиэйиигэ-таһыыга ыарахаттар бааллар. Оттон кислороду кииннээн биэрии куттала суох, бастатан туран, ыарыһахха. Ол иһин концентратор наада, балыыһаҕа бэйэтигэр. Оччотугар биһиги тиэйии-таһыы кыһалҕаларыттан босхолонобут. Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин өйөбүлүнэн, балыыһа ыарыһахтарга олус наадалаах систиэмэнэн хааччылынна», — диэтэ кини.

This post was published on 01.12.2021 17:01 17:01