Мэҥэ-Хаҥалас улууһун олохтооҕо олунньу саҥатыгар тахсыбыт «Хара хаар» киинэни ааптар быраабын кэһэн, смартфоҥҥа устубут, Ютубка тарҕаппыт. Бу туһунан СИАҕа өрөспүүбүлүкэ прокуратуратын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.
Устубут киинэтин «YouTube» ханаалыгар аатын уларытан укпут. 15 күн иһигэр киинэни 4,7 тыһ. киһи көрбүт. Хоромньу суумата 1,4 мөл солкуобайга тэҥнэспит.
Билигин буруйдаах дьыалата суукка тиксэрилиннэ.