Хамсаабат баайга-дуолга быраапкын МФЦ-га сайабылыанньа суруйан ылыаххын сөп

Кэлим судаарыстыбаннай баай-дуол реестра (ЕГРН) эбийиэк туһунан иһитиннэриини оҥорор, итиэннэ быраабы уонна хааччахтааһыны бэлиэтиир. Бэйэҕэ регистрациялаах быраап туһунан СӨ Кадастровай палаататыгар кэпсээтилэр. 

Хамсаабат баай-дуол эбийиэктэрин, регистрациялаах быраап туһунан иһитиннэриини билэргэ Росреестр өҥөтүнэн туһаныахха сөп. Тэрилтэ киһи сайабылыанньатыгар олоҕуран «выписка» биэрэр.

Сайабылыанньаны эбийиэккэ бырааптаах киһи эбэтэр кини сокуоннай бэрэстэбиитэлэ, нэһилиэнньигэ эрэ оҥорор.

МФЦ офистарыгар сайабылыанньа түһэриллибитин кэннэ, биэс хонук иһигэр «выписка» бэриллиэхтээх. Электроннай көрүҥүнэн буоллаҕына — 3 күн. МФЦ-лар улуус аайы бааллар.

Сиһилии https://ysia.ru/kadastrovaya-palata-yakutii-kak-poluchit-svedeniya-o-svoih-zaregistrirovannyh-pravah/

This post was published on 21.02.2022 14:01 14:01