Бүгүн Хаҥалас улууһун Тиит-Арыы нэһилиэгин баһылыга Григорий Лукин сарсыарда эрдэ үөрүүлээх сураҕы тутта. Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин алтынньы 25 күнүгэр Григорий Дмитриевиһы «Өлөн эрэр киһини быыһаабытын иһин» мэтээлинэн наҕараадалыырын туһунан Ыйаахха илии баттаата.
Григорий Лукин 2018 сыллаахха саас биир дойдулааҕын ууга өлүүттэн быыһаан турардаах.
«Татьяна Романовалаах элбэх сүөһүлээх ыаллар. Үөһэ баар эвакопуунтан аллараа диэки дэриэбинэ икки ардынааҕы муостаҕа уу кэлэн турдаҕына, сүөһүтүн көһөрөн иһэрэ. Сүөһүлэр бастаан муостаттан куттанан анньыалаһан түспүттэрэ. Биир сүөһү ыстана-ыстана муостаҕа тахса сатаабыта, Татьяна ону хайдах эрэ тардан ылаары гыммыта быһыылаах, эргийээтин сүөһүлэр таарыйаннар муустаах ууга түспүтэ. Ити кэмҥэ мин сарсыарда эрдэ уу төһө барбытын уонна муостаны көрө баран испитим. Кэргэнэ Валерий Романов тэйиччи тыынан ньирэйдэрин туората сылдьара. Сотору уҥуортан фельдшер Елена Естафьева кэлбитэ. Ол иһэн көрбүтүм, Татьяна иккитэ хаста ууттан күөрэйэн баран хос тимирбитэ. Үсүһүн тимириитигэр ууга ыстанан кэбиспитим таҥаһым халыҥа, атаҕым сиргэ тургуйбатаҕа уу дириҥэ. Кини уһун остоох саппыкылааҕа, халыҥ таҥастааҕа, ол ууну оборон олус ыарахана. Татьяна толуу дьахтар муостаҕа дылы аҕалбытым, кэргэнэ уонна фельдшер үөһэттэн туран көмөлөспүттэрэ, таһаара сатаабыппыт да кыайбатахпыт. Ол иһин бастаан миигин таһаарбыттара, онтон үһүөн көмөлөөн соһон ылбыппыт. Ити курдук буолбута», — диэн ити буолбут түбэлтэни Григорий Лукин ахтан ааста.
Григорий Лукин быйыл күһүн нэһилиэгин баһылыгынан иккис болдьоххо талыллан үлэлии сылдьар.
Уйбаан Уйгуурап, Хаҥалас хаһыат