22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Горнай улууһугар Тыа хаһаайыстыбатын сыла биллэрилиннэ

09:44, 28 января 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Маныаха бэйэтин санаатын Ил Түмэн депутата Марфа Филиппова санаатын үллэһиннэ:
«Горнай улууһун баһылыга Никита Андреев иһитиннэрбитинэн, билиҥҥи туругунан улууска 1005 кэтэх хаһаайыстыба, 120 бааһынай хаһаайыстыба, 17 тыа хаһаайыстыбатын кооператива, 5 кредитнэй потребительскай кооператив, ол иһигэр улууска соҕотох бородууксуйаны бэлэмнээччи «Маай» ТХППК, сылгы 4 кооператива уонна таба 2 кооператива бааллар. Төһө да тустаах хайысхаҕа үлэ ыытылларын үрдүнэн, улууска сүөһү ахсаана сылтан сыл аччаан иһэр. Холобур, 1990 сыллаахха барыта 12722 хороҕор муостаах баар эбит буоллаҕына, 2000 сыллаахха көрдөрүү 8135 төбөҕө диэри намтаабыт, оттон бүгүҥҥү туругунан 5531 сүөһү баара биллэр.
Горнай улууһугар агропромышленнай комплекс сайдыыта «2020 сылга диэри сүрүн хайысхалар уонна 2012-2017 сс. «Горнай улууһа» муниципальнай оройуоҥҥа тыа хаһаайыстыбатыгар оҥорон таһаарыыны сайыннарыы» бырагыраама чэрчитинэн сүрүннэнэр. 2015 сыл түмүгүнэн бастыҥ көрдөрүүлээҕинэн Одуну нэһилиэгэ буолбут. Манна тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын кээмэйэ 80% туолбут.

Горнай улууһугар Тыа хаһаайыстыбатын сылын аһыллыытыгар норуот депутаттара, бырабыыталыстыба чилиэннэрэ, туһааннаах министиэристибэттэн элбэх киһилээх делегация, «Алмаасэргиэнбаан» уонна «Росбаан» хампаанньа эппиэттээх үлэһиттэрэ кытыннылар. Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар быһаччы сыһыаннаах барыта 53 тэрилтэ бэрэстэбиитэлэ кэлэн, санаатын аһаҕастык үллэһиннэ. Манна араас судаарыстыбаннай салааттан, үп-харчы, научнай чинчийэр эйгэттэн, аска-үөлгэ уонна астыыр салааҕа департаментан, кооперативтар салайааччылара, Горнай улууһун олохтоохторо бу тэрээһиҥҥэ олус көхтөөхтүк кытыннылар.
Үс чаастаах улахан кэпсэтии түмүгэр тыа хаһаайыстыбатын хайдах сайыннарыахха сөбүн дьүүллэстибит. Ол курдук, тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар тэриллиилээх хаһаайыстыбалар уопсай ахсааннарыттан 50% чааһынай хаһаайыстыбаларынан буолаллара биллэр. Чааһынай дьон үүт харчыта үрдээбитин сэҥээрбиттэрин биллэрдилэр. «Сүргэбит көтөҕүллэн, салгыы сүөһү иитиитинэн дьарыктанарбытыгар, былааннаахтык үлэлиирбитигэр төһүү күүс буолуо», — дииллэр. Судаарыстыбаттан маннык хабааннаах өйөбүл баара дьыалаҕа көмөлөөх, тоҕо диэттэххэ, тыа хаһаайыстыбата ороскуотун барытын саптынар (рентабельнай) салаа буолбатах.

Саха сиригэр тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга туһуламмыт сокуон барылыгар нэһилиэнньэ тус санаатын этиннэ, туруорсар боппуруостарын иһитиннэрдэ. Холобур, кэтэх хаһаайыстыбалаах дьон судаарыстыбаттан субсидия, араас грантовай бырагыраама быһыытынан көмө ылыахтарын сөп дуу, суох дуу диэн ыйыталастылар. Саха киһитэ дьиэ кэргэнэ, чугас дьоно үрүҥ аһы, сибиэһэй эти сиэн, чөл туруктаах олорорун инниттэн сыспай сиэллээҕи, хороҕор муостааҕы иитэн олорор буоллаҕа. Кинилэри этинэн, үүтүнэн хааччыйарыгар судаарыстыба быһаччы көмөлөһүөхтээх дии саныыбын. Ол эбэтэр, бэйэлэрин дьоннорун иитэн олороллоругар судаарыстыба өйүүрүн курдук бу сокуоҥҥа хайаатар даҕаны этиллиэхтээх дии саныыбын. Булгуччу ханнык эрэ кооперативка киириэхтээхтэр, тэриллиилээх фермерскэй хаһаайыстыбаҕа кыттыһыахтаахтар диэн буолбакка, хас биирдии чааһынай хаһаайыстыба бэйэтин бэйэтэ дьаһанан олоруохтаах.
Биһиги, сахалар, төрүт үгэспитин сайыннарар сыаллаах-соруктаах тыа сиригэр ыччаты ыҥырабыт. Онуоха элбэх үп-харчы көрүллүөҕэр улаханнык эрэммэтэр даҕаны, сүрүнэ — төрүт үгэһинэн дьарыктаныан баҕалааҕын нэһилиэнньэ элбэхтэ төхтүрүйэн бэлиэтээтэ.
Биллэн турар, Тыа хаһаайыстыбатын сыла биллэриллибитинэн, сүрүн болҕомтону дьаһалта бу хайысхаҕа үлэлиир дьоҥҥо ууруоҕар эрэниллэр. Кинилэр үлэлэрин өрө тутар, өйүүр оруннаах буолуо этэ. Улууска Тыа хаһаайыстыбатын сылын биллэриини дьон-сэргэ сүргэтин көтөҕүү, бу эйгэни сайыннарыы, өрө көтөҕүү курдук ылынныллар.
Горнай улууһугар үлэтэ, дьарыга суох дьон ахсаана олус үрдүк. Бырамыысыланай тэрилтэлэр суохтарынан, үлэ миэстэтэ күн-түүн сарбыллар буолан, сүөһү иититинэн дьарыктанар дьон быһаччы үлэтэ суохтар ахсааннарыгар киирсэллэр. Дьиҥэ, төрүт үгэһинэн дьарыктанар киһиэхэ судаарыстыбаттан көмө баара буоллар уонна кэтэх хаһаайыстыбалаах дьон урбаанньыт быһыытынан ааҕыллаллара буоллар үлэтэ суох дьон ахсаана биллэ аччыа этэ. Бу боппуруоска туһааннаах үлэ ыытыллыан наада.
Нэһилиэктэргэ тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар анал исписэлиистэр суохтар диэн этиннилэр. Маныаха саҥа анаммыт анал үөрэхтээһин, каадыры бэлэмнээһин уонна аттаран туруоруу миниистиригэр Михаил Присяжнайга тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах туспа үөрэх кыһата дуу, хайа эмит үөрэх кыһатыгар салаа, филиал быһыытынан чопчу исписэлиистэри бэлэмнээн таһаарар туһунан этии киллэрдилэр.
“Мин санаабар, урукку кэмҥэ орто оскуоланы бүтэрээччилэр тыа хаһаайыстыбатыгар сыһыаннаах идэлэри ылаллар этэ. Холобур, араас тиэхиникэни ыытар кыахтаах, кыра категориялаах бырааптаах үөрэнээччилэр оскуоланы бүтэрэллэрэ. Оччотугар тута тыа сиригэр үлэлииллэригэр толору кыахтаах буолаллара. Холобур, тырахтарыыс-механизатор буолан, ылбыт билиилэрин туттан, нэһилиэккэ биллэ туһаны аҕалаллара. Үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрэ оробуочай идэлэри баһылыыллара буоллар олус табыгастаах уонна туһалаах буолуо этэ дии саныыбын. «Техникум арыллыытын боппуруоһа сүрдээх кытаанахтык турар», — диэн Михаил Присяжнай эттэ. Билигин оптимизация буолан, үөрэх кыһаларыгар уларыйыылар тахса туралларын туһунан кэпсээтэ.
Үгүс дьон сылгы иитиитинэн дьарыктанар эбит. Кинилэр бүддьүөттэн көрүллэр үп аҕыйаҕын тоһолҕолоон эттилэр. Сылгы улахан ороскуота суохтук көрүллэр-харайыллар кыыл буолан, субсидия быһыытынан үбүлээһин, көмө харчы бэриллэрэ буоллар, сылгы ахсаанын элбэтэргэ дьулуһуо этибит диэн туруорсаллар. Быйылгы бүддьүөккэ сылгы иитиитигэр улахан харчы эбии көрүллүбэтэҕэ.
Тыа хаһаайыстыбатыгар үлэлиир дьону, ыччаты дьиэнэн-уотунан хааччыйыы кыһалҕата сытыытык турарын ыйдылар. Бастатан туран, учууталлар, быраастар дьиэни ылаллар, дьиҥэ, бүддьүөтүнэн бигэргэтиллибит хамнастаах дьон кредит, ипотека көмөтүнэн дьиэ ылынар кыахтаахтарын туһунан эттилэр. Инньэ гынан, чахчы дьиэҕэ наадыйар дьоҥҥо тиксибэт эбит. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар дьону бу бырагыраамаҕа киллэрэн, дьиэ-уот боппуруоһун быһаарарга улуус салалтата көмөлөһүө диэн эрэнэбин.
Сүөһү иититинэн дьарыктанар дьиэ кэргэн чааһынай тэрилтэ буоларыгар олохтоохтор күүскэ туруорсаллар. «Тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыы» сокуон барылыгар Горнай улууһун нэһилиэнньэтэ маннык этиилээх».

Ил Түмэн пресс-сулууспата

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА