«Бүлүү» суолугар атырдьах ыйын 1 күнүгэр » Тойота- Алион» мааркалаах массыынана түҥнэһиннэ диэн, Саха сирин ИДьМ Гоинспекциятын управлениета иһитиннэрэр. 23 саастаах суоппар массыынатын кыайан салайбакка суолтан туораан, саахал таҕыста.
Массыынаҕа эр киһини кытта 36 саастаах хат дьахтар, 12 уонна 15 саастаах кыргыттар олорбуттар. Оҕолор кэннинээҕи пассажирскай сидиэнньэҕэ олорбуттар.
Саахал түмүгэр эр киһи, дьахтар уонна 12 саастаах кыыс балыыһаҕа киирдэ. Оҕо ойоҕос уҥуохтарын тоһуппут, атаҕын өлөрбүт. Эр киһи тоноҕоһун тоһуппут боруобалаабыт. Дьахтар туруга чуолкайдаммат.