Элбэх оҕолоох ыаллар тырааныспар нолуогуттан босхолоннулар

Ил Түмэн  XXI-с уочараттаах мунньаҕар дьокутааттар элбэх оҕолоох ыалы тырааныспар нолуогуттан босхолоотулар.


Экэниэмикэ министиэристибэтэ бэлэмнээн киллэрбит сокуон барылын норуот дьокутааттара бүтэһик ааҕыыга ылыннылар. Эрдэ миниистир Майя Данилова сокуон ылыллар түгэнигэр чэпчэтиинэн 6200 ыал 13 мөл солк сууммаҕа туһаныан сөбүн эппитэ.

Министиэристибэ дааннайынан, бу сыл тохсунньу 1 күнүгэр Саха сиригэр 29385 элбэх оҕолоох ыал олорор. Итинтэн алта тыһыынчаттан тахсата бэйэ тырааныспардаах. Сокуон барылынан тырааныспар нолуогуттан элбэх оҕолоох ыал биир төрөппүтүн (иитиэх төрөппүтү) 200 ат күүһүттэн элбэҕэ суох мотуордаах массыынатыгар босхолооһун туһунан этиллэрэ. Ол эрэн дьокутааттар ити хааччаҕы утаран, суох оҥордулар.

Оттон гаас уматыгар көспүт массыыналаахтарга нолуокка 50 бырыһыаннаах чэпчэтии көрүллүө. Чэпчэтиинэн физическэй сирэйдэр, урбаанньыттар, тэрилтэлэр бары туһаныахтара.

This post was published on 11.11.2020 11:01 11:01