22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Үөһээ Бэстээх холуонньатыгар, бэл, даача дьиэтин туттарыахха сөп

09:30, 11 июля 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Тоҕо диэтэр, бу Үөһээ Бэстээххэ баар 3 №-дээх уопсай эрэсиимнээх холуонньаҕа маһы таҥастыыр икки саҥа станогу туруордулар. 

edersaas.ru

Хаайыылаахтары үлэҕэ үөрэниилэрин киинин начальнигын солбуйааччы Илья Голубев иһитиннэрбитинэн, тиит маһы Улахан Аан сэлиэнньэтиттэн дуогабар түһэрсэн атыылаһаллар. Биирдиилээн дьон сакааһынан гараастары, беседкалары, дьиэлэри, даачалары туталлар, дьиэ тээбириннэрин оҥороллор.

Манна тутааччы, плотник, маһы таҥастааччы исписээлинэстэрин ылбыт хаайыылаахтар үлэлииллэр. Оттон ити идэлэри манна, холуонньа училищетыгар, үөрэнэн ылаллар. Хамнас аахсалларын ааһан, эмсэҕэлээччилэргэ оҥорбут хоромньуларын төлүүр кыахтаналлар.

Бу саҥа оборудованиеларга биир бэрэбинэ маһы таҥастыырга (хатырыгыттан ыраастаан, тэҥнээн, эрбээн) 15 мүнүүтэ барар. Инньэ гынан, күҥҥэ 12 бэрэбинэни бэлэмнииллэр. Сакаас бэлэм буолбутун кэнниттэн аадырыска диэри тиэрдэн биэрэллэр эбит.

Биһиги корр., «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА