Ойуур сыһыаннаһыыларын департаменын салайааччытын солбуйааччы Дьулустаан Хон ЯСИА сайтка иһитиннэрбитинэн, Нам Модутуттан 6-7 км сиргэ мырааҥҥа ойуур умайар.
edersaas.ru
Кини этэринэн, Модуту уонна да атын нэһилиэктэр тула минерализованнай балаһа тардыллыбыт. Онон нэһилиэнньэлээх пууннарга куттал суоһаабат. Үөскээбит балаһыанньа хонтуруолга тутан олороллор.
— Бүгүн тыал хайысхата уларыйан, буруо чугастааҕы нэһилиэнньэлээх пууннары уонна Дьокуускай куораты тунуйда. Мантан киэһээ тыал хайысхата уларыйдаҕына балаһыанньа көнүөҕэ«, — диэн эбэн эттэ.
Ойуур сыһыаннаһыыларын департаменын дааннайдарынан, от ыйын 14 күнүн күнүс 12 чаастааҕы туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 20 ойуур баһаара баара бэлиэтэммит. Уопсайа 13 277 гектар иэннээх сир умайар.
Горнай уонна Нам улуустарыгар быһыы-майгы тыҥааһыннаах. Уус Алдан улууһугар хас да сиринэн ойуур баһаардара күөдьүйдүлэр.
Уоту умулларыыга уопсайа 669 киһи, ол иһигэр Амурскай, Читинскай уобалас 136 парашютистара үлэлииллэр.
Бэй. инф., edersaas.ru