Дьокуускайга үс игирэ оҕолору дьиэлэригэр таһаардылар

Бүгүн мэдиссиинэ национальнай киинигэр үс игирэ оҕолору дьиэлэригэр атаарыы үөрүүлээх тэрээһинэ буолла. Оҕолору үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирэ Елена Волкова көрүстэ.


Елена Волкова оҕолорго доруобуйаны, ийэлээх аҕаларыгар дьолу, этэҥҥэ буолууну баҕарда.

Саха сирэ оҕо төрөөһүнүгэр Уһук Илиҥҥэ бастакы, оттон Арассыыйаҕа уон иһигэр киирэр. Итиниэхэ «Демография» национальнай бырайыак чэрчитинэн көрүллэр араас судаарыстыбаннай миэрэлэр оруоллара улахан.

This post was published on 20.08.2021 16:21 16:21