21 Сэтинньи 21.11
  • -28°
  • $ 100,22
  • 105,81

Дьокуускай туһаайыытынан Өлүөнэҕэ кыдьымах хойунна. Паром сырыытыгар уустуктар үөскээтилэр

Хаартыска: ЯСИА саайта
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Халлаан тымныйан, Өлүөнэ өрүскэ кыдьымах хойунна. Дьокуускай — Аллара Бэстээх хайысханан паромнар сырыыларыгар уустуктар үөскээтилэр. Ол туһунан тырааныспар министиэристибэтэ иһитиннэрдэ.

Билигин сэттэ паром үлэлиир, ол иһигэр биир буксуурдаах. Техникалар массыыналарынан туоллахтарына айанныыллар.

Биэдэмистибэ паром үлэтигэр уустуктар үөскээбиттэринэн айантан туттунаргытын сүбэлиир.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА