22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Дьокуускай олохтооҕо былаачыйатын атыылаары харчытыттан маппыт

18:02, 10 февраля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Саайт нөҥүө былаачыйатын атыылаары Дьокуускай олохтооҕо харчытыттан маппыт. Бу туһунан СИА-ҕа Дьокуускай куорат ис дьыалатын салаата иһитиннэрдэ.


22 саастаах Дьокуускай куорат олохтооҕо полицияҕа кэпсээбитинэн, «Юла» саайтка былаачыйатын атыылыырын туһунан биллэрии биэрбит. Сотору кэминэн «атыылаһааччы» биллибит. Мессенджер нөҥүө кэпсэтэн баран, «атыылаһааччы» табаар иһин харчыны тутууга сигэ ыыппыт. Эмсэҕэлээччи онон киирэн анал киэпкэ тус банковскай каартатын дааннайдарын толорбут.

Ол кэннэ кини каартатыттан 11 тыһ  тахса солк харчыта уһуллубут, оттон «атыылаһааччы» төлөпүөнүн нүөмэрэ арахсан хаалбыт.

Кыыс онно эрэ өйдөөбүт түөкүттэргэ киирэн биэрбитин уонна полицияҕа тыллаабыт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА