Дьокуускай эргин Өлүөнэ өрүскэ муус барыыта ыам ыйын 13-15 күннэригэр саҕаланыаҕа

Өлүөнэ өрүс Иркутскай уобалас эргин муус устар 29 күнүгэр аһыллыбыта. Барыллааһын сабаҕалааһынынан муус барыыта Ленскэйгэ ыам ыйын 9-12, Дьокуускайга 13-15, Сангаарга 18-20, Күһүүргэ ыам ыйын бүтэһик күннэригэр саҕаланыаҕа.


Амма быйыл урукку сыллардааҕар эрдэ аһылынна. Алдан үөһээҥҥи тардыытыгар Суон Тиит диэки муус уу таһымын үрдэттэ.

Өлүөнэ, Халыма, Алдан, Амма, Нүүйэ өрүстэргэ 51 учаастакка муус харыыта тахсыан сөп. 182 гидрологическай пуостартан халааны кыраҕытык кэтииллэр.

This post was published on 05.05.2016 16:28 16:28