Дьокуускай - Аллараа Бэстээх кыһыҥҥы айан суола муус устар 14 күнүгэр сабыллар

«Бүлүү» суол управлениета иһитиннэрбитинэн, Дьокуускай — Аллараа Бэстээх хайысханан кыһыҥҥы муус суола сарсын сабыллар.


Халлаан сылыйан, Дьокуускай — Аллараа Бэстээх муус суолун туруга эмискэ мөлтөөбүтүнэн, «Бүлүү» суол управлениета суолу сабарга быһаарыы ылла.  Муус устар 14 күнүттэн тырааныспар бары көрүҥэр бу хайысханан айан бобуллар.

Суолга куттал суох буолуутугар анаммыт дьаһал сарсыҥҥыттан олоххо киирэр. Суоппардарга бу кэмҥэ диэри таһаҕаһы, дьону тиэйиини-таһыыны  тохтоторго иһитиннэрэллэр.

This post was published on 13.04.2020 17:14 17:14