«Дьааҥы» суол учаастага быстах кэмҥэ сабылынна

«Массыына суолларын управлениета» ГКУ  иһитиннэрэринэн, уһун ардахтар түһэннэр, Уулаах уонна Кураанах үрэхтэргэ уу таһыма үрдээтэ. Онон от ыйын 24 күнүгэр диэри «Дьааҥы» суол 509 килэмиэтиригэр Халыма — Тополинай хайысхатынан айан-сырыы тохтотулунна.

Биһ. корр., edersaas.ru

This post was published on 16.07.2018 09:18 09:18