22 Сэтинньи 22.11
  • -25°
  • $ 100,68
  • 106,08

Быыстапка-дьаарбаҥка: "Эһиил Өлүөхүмэ, Ленскэй диэки тэрийиэхпит”

15:57, 26 сентября 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Үгэс буолбут өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка-дьаарбаҥка түмүктэннэ. Манна бородууксуйаны оҥорон таһаарааччылары сэргэ тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэнэн, саппаас чааһынан хааччыйар тэрилтэлэр эмиэ көхтөөхтүк кытыннылар.


Аллараа Бэстээххэ үлэлии олорор “Федотов Р.Е.” ИП туһунан үгүһү этэр наадата суох. Бу предприниматель, меценат аатын өрөспүүбүлүкэҕэ билбэт киһи суоҕа буолуо.
Руслан Еремеевич атыылыыр тиэхиньикэлэрин паромунан туоратан, Дьокуускайга Комсомольскай болуоссакка көрдөрүүгэ туруорбутун дьон-сэргэ сэргээн көрдө.

Горнай улууһун Бэс Күөлүттэн сылдьар Павел Терентьев кэтэх хаһаайыстыбатыгар сыспай сиэллээҕи иитэр. Кини тыа хаһаайыстыбатыгар сир оҥоруута, күрүөлээһин наада диэн бүччүм санаалаах. Ол иһин быыстапкаҕа Р.Е. Федотов көрдөрүүгэ туруорбут булуугун бэркэ интэриэһиргээтэ.

Тааттаттан “Илгэ” бааһынай хаһаайыстыба эдэр баһылыга Тит Захаров олус сэргээн “Беларусь” тыраахтары көрдө, сыанатын ыйыталаста. “Хаһаайыстыбалаах киһиэхэ тиэхиньикэ олус наада эбит, ол иһин бу Федотов быыстапкатын көрө кэллим”, — диир Тит Титович. Таарыйа аҕыннахха, бу тыраахтар сыаната 1 мөл.450 тыһ. солкуобайга тиийбит.

Ити курдук, куорат уонна тыа сирин олохтоохторо, бэл, кыра оҕолор тиэхиньикэлэри, тэриллэри олус сэргээтилэр. Улуустар баһылыктара эмиэ анаан-минээн көрдүлэр.
Өрөспүүбүлүкэтээҕи быыстапка-дьаарбаҥкаҕа кыттыбыт СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна, СӨ Бочуоттаах мецената Руслан Федотов маннык кэпсээтэ:
Быйылгы сылы олус тэрээһиннээхтик атааран эрэбит. Ол курдук, Горнайга, Хаҥаласка, Уус-Алдаҥҥа уонна үлэлиир сирбитигэр Аллараа Бэстээххэ быыстапкалары тэрийдибит. Манна тыа хаһаайыстыбатын тиэхиньикэтин, саппаас чааһын барытын көрдөрдүбүт, атыылаатыбыт. Эһиил географиябытын кэҥэтэр соруктаахпыт. Өлүөхүмэ, Ленскэй диэки барар санаалаахпыт. Тиэйэ сылдьан атыылааһыны тэрийдибит. Үөһээ Бүлүүгэ, Чурапчыга, Аммаҕа, Аллараа Бэстээххэ, Дьокуускайга аһыллыбыт филиалларым бэркэ үлэлээтилэр дии саныыбын. Аммаҕа бурдук хаһаайыстыбатыгар үлэлээбит уопуттаах буоламмын, бурдук хаһаайыстыбаларын кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиибин. Бэйэм эмиэ быыстапкалары кэрийэн көрөбүн, саҥа туох оҥоһуллан тахсыбытын билсэбин. Москваҕа “Агросалоҥҥа” кытынным. Аны “Кыһыл көмүс күһүҥҥэ” барыам. Белоруссияҕа ыытыллыахтаах “Бастыҥ партнердар” быыстапкаҕа ыҥырдылар.Онно анаан-минээн бииргэ үлэлиир партнердарын чиэстииллэр үһү. Быйыл өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн оттооһун хампаанньата күргүөмнээхтик түмүктэнэн эрэр. Маныаха тиэхиньикэнэн, наадалаах чааһынан көмөлөһөн, улуустар туруоруллубут соруктарын толорууларыгар сэмэйкылааппытын киллэрбиппититтэн астынабын.

Аатырбыт предприниматель Руслан Еремеевич “Белагро” (Белоруссия), “Автоальфа” (Татарстан), “Автопартнер” (Москва), “Спецавтотранс” (Ярославль) уо.д.а. курдук бөдөҥ хампаанньалары кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиир. Ол иһин тиэхиньикэ, саппаас чааһа кини маҕаһыннарыгар толору. Кини ааспыт ыйга бииргэ үлэлиир партнердарын Аммаҕа “Лээги” кубогар ыытыллыбыт ат сүүрдүүтүгэр ыҥыран ыалдьыттаппыта. Онон хампаанньалары кытта ыкса сибээс олохтоммута.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА