22 Сэтинньи 22.11
  • -26°
  • $ 100,68
  • 106,08

Булуҥ оҕолоро пенсия туһунан эрдэттэн билсэллэр

10:08, 03 марта 2016
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Улуустааҕы пенсионнай фонд салайааччыта Иван Баланов үөрэххэ уонна үлэҕэ пенсия туһунан оҕолорго эрдэттэн билиһиннэрии олус наадалааҕын этэр.


«Оскуолаларынан сылдьан 9-11 кылаас үөрэнээччилэригэр пенсионнай фонд хайдах тэриллибититтэн саҕалаан, ханнык биэнсийэлэр баалларын туһунан кэпсиибит. Үөрэҕи бүтэрэн, үлэһит буолалларыгар бэлэмниибит. Пенсия өттүгэр туох уларыйыылар, ханнык сокуоннар баалларын билиһиннэрэбит», — диир кини.

Бэсиэдэ түмүгэр оҕолор билиилэрин чиҥэтэн, тестирование ыытыллар. Эппиэттэринэн көрдөххө билиини ылыылара үрдүк таһымнаах. «Ол аата мээнэ кэпсээбэт эбиппин дии саныыбын», — диир Иван Михайлович.

Фонд үлэһиттэрэ нэһилиэги барытын хабан үлэлииллэр.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА