«Мой бизнес» киин өрөспүүбүлүкэтээҕи «Бизнес глазами якутян» хаартыска куонкурсун түмүгүн таһаарда. Тэрээһин атырдьах ыйын 2 — алтынньы 1 күннэригэр ыытылынна. Куонкурус Саха сирин предпринимателлэрин оҥорон таһаарыыларын, айар-тутар үлэлэрин сырдатар сыаллаах ыытылынна, суруйда тэрийээччилэр.
Дьүүллүүр сүбэҕэ «Пространство» айар платформа тэрийээччитэ, фотограф, видеограф Алексей Павлов, кинорежиссер уонна продюсер Михаил Лукачевскай, «UON» реклама ааҕыныстыбатын салайааччыта Николай Корякин үлэлээтилэр.
Саамай элбэх баалы ылан кыайыылааҕынан ааттанна: Рустам Кириллин Ньурба Антоновката, «Гончарное дело села Ханалас Нюрбинского района» үлэтинэн;
Иккис миэстэ: Сардана Махарова Бүлүү куората, «Бизнес со вкусом»;
Үһүс миэстэ: Василий Кривошапкин Дьокуускайтан, «Свет и тень ювелирного дела».
Телеграм-ханаалга «Дьон биһирэбилэ» номинация быһаарылынна, кыайыылааҕынан Нерюнгриттан Владимир Столяров «Одна семья, одна жизнь, один бизнес» үлэтэ буолла.
Бастыҥнары эҕэрдэлээһин «Сахамедиа» медиакииҥҥэ «Фокус внимания: бизнес» төгүрүк остуол кэмигэр ыытыллыаҕа, алтынньы 31 күнүгэр.