Бэс ыйын 21 күнэ. 24 ойуур баһаара баара бэлиэтэннэ

Ааспыт сууккаҕа Саха сирин үрдүнэн 5 ойуур баһаара умуруоруллубутун туһунан  СӨ Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы Дмитрий Садовников иһитиннэрдэ.

Бүгүҥҥү  туругунан өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 24 ойуур баһаар умайарыттан 4-дэ бохсуллубут.  17 ойуур баһаарын умуруорууга  барыта 653 киһи уонна 13 тиэхиньикэ үлэлиир. Бэҕэһээ  «Циклон» Ан-26 диэн сөмөлүөт  Өлүөхүмэ, Ленскэй, Ньурба, Мииринэй, Сунтаар уонна Горнай улуустарыгар анал көтүүнү оҥордо.  Мииринэйгэ, Орто Халыма улууһун Сиэн Күөлүгэр уонна Өлүөхүмэ улууһун  Чараҥ нэһилиэгэр  ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ уһулла иликтэр.

СӨ Экологияҕа министиэристибэтэ  Саха сирин олохтооругар уонна ыалдьыттарыгар  ойуурга сылдьаргытыгар уоту сэрэхтээхтик туһанаргытыгар сүбэлиир, ыҥырар. Ойуур баһаара туран эрэрин биллэххитинэ, көрдөххүтүнэ, 8-4112-44-74-76 диэн эрэгийиэннээҕи диспетчэргэ эбэтэр  8-800-100-94-00 диэн анал нүөмэргэ быһа эрийэн тиийиэххитин сөп.

Источник: © edersaas.ru сайт

This post was published on 21.06.2022 12:01 12:01