Сэтинньи 1 күнүтэн байыаннай дьайыыга кыттыбыт Арассыыйа байыаннай сулууспалаахтара, атын биэдэмистибэлэр үлэһиттэрэ, баҕа өттүнэн барбыттар байыаннай дьайыыга кыттыбыттарын бигэргэтэр ыспыраапкаларын электроннай көрүҥүнэн ылар кыахтаныахтара, Саха сирэ суруйар.
Саха сирин бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Георгий Степанов алтынньы 14 күнүгэр брифиҥҥэ иһитиннэрбитинэн, маннык ыспыраапкалар сэтинньиттэн Судаарыстыбаннай өҥө порталыгар баар буолуохтара.
«Маннык ыспыраапкалар сэтинньиттэн Судаарыстыбаннай өҥөлөр порталларыгар уонна судаарыстыбаннай, муниципальнай өҥөлөр ханнык баҕарар элбэх хайысхалаах кииннэригэр баар буолуохтара. Онуоха ыспыраапканы кумааҕынан эбэтэр электроннай көрүҥүнэн байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнин чилиэнэ буоларын бигэргэппиттэр эмиэ ылар кыахтаныахтара”, — диэн вице-премьер быһаарда.
Георгий Степанов аадырыстаммыт көмөлөр тустарынан кэпсээбитинэн, Саха сиригэр байыаннай дьайыы кыттыылааҕын 143 дьиэ кэргэнэ олорор дьиэтигэр гааска холбонно, 461 төрөппүт санаторийга-курортка эмтэннэ, 344 киһи байыаннай дьайыы кыттыылааҕа эмтэнэр сиригэр барарга үбүнэн-харчынан көмөнү ылла. Байыаннай дьайыы 850 кыттыылааҕа уонна дьиэ кэргэттэр 1556 чилиэннэрэ доруобуйа харыстабылын уонна социальнай хааччыйыы тэрилтэлэригэр доруобуйаларын чэбдигиртилэр.
572 киһи, ол иһигэр байыаннай дьайыы 176 кыттыылааҕа уонна кинилэр дьиэ кэргэттэриттэн 396 киһи, дьарыктаах буолуу кииннэриттэн үлэ буларга көмө көрдөөтө.