Бүгүн Саха сирин 13 оройуонугар этиҥнээх ардах түһүөҕэ

Бүгүн, атырдьах ыйын 15 күнүгэр, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү, Ньурба, Сунтаар, Кэбээйи, Горнай, Эдьигээн, Хаҥалас, күнүһүн Нам, Уус- Алдан, Томпо, Мииринэй, Өлүөхүмэ оройуоннарыгар этиҥнээх ардах түһэрэ күүтүллэр, ардах кэмигэр тыал сөкүүндэҕэ 15-18 миэтирэҕэ диэри күүһүрүө, диэн иһитиннэрэр ЯУГМС. Миирнэй оройуонун хоту өттүгэр, Өлүөхүмэ соҕуруутугар сорох сиринэн күүстээх ардах түһэрэ күүтүллэр.

This post was published on 15.08.2022 12:03 12:03