Дьокуускайга бүгүн күнүс сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэҕэ тиийэр күүстээх тыал түһэрэ күүтүллэр.
Олохтоохтору маннык курдук күҥҥэ-дьылга куттал суох буолуутун хааччыйар дьаһаллары тутуһарга көрдөһөллөр: уот линиятыттан, мастан, реклама щиттарыттан уонна витриналартан тэйиччи сылдьарга, форточкалары, түннүктэри, ааннары аһаҕас хаалларбаттарыгар сүбэлииллэр.