Кыргыттар баскетболга күрэхтэһиилэрэ тыҥааһыннанан иһэр. Бэҕэһээ Ураллааҕы уонна Сибиирдээҕи федеральнай уокуруктар спортсменкалара күөн көрсүбүттэрэ.
Сибиир сүүмэрдэммит хамаандата Монголия хамаандатын 65:46 кыайбыта. Оттон Урал спортсменкаларын улахан сыранан хоппуттара.
«Манна кыттаары сылы быһа эрчилиннибит. Онон, адьас, кыайар-хотор санаалаах кэллибит. Бэҕэһээҥи күрэхтэһиигэ кыргыттар улаханнык аһыллыбатахтара эрээри, кылаабынайа, долгуйаллара ааста. Бастакы күннээҕи күрэхтэһииттэн сылыктаатахха, хамаандалар бары да үчүгэй бэлэмнээхтэр», — диир СФУо хамаандатын тренерэ Елена Максимова.