Арҕахтаах нэһилиэгэ ууга барар кутталлаах


«Арҕахтаах сэлиэнньэтигэр уу таһыма нуорматтан 44 см үрдээтэ. 92 киһи олорор дьиэтин тиэргэнэ ууга барда. Кинилэр ортолоругар 31 оҕо баар. Дьиэлээхтэр аймахтарыгар көстүлэр. Быстах кэмҥэ дьону олордор пууннар үлэлииллэр»,-диэн СӨ Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Бу күннэргэ Халыма өрүс уутун таһыма үрдүүрэ бэлиэтэнэр.

Санатан эттэххэ, быйыл уу таһыма үрдээн дьон олорор 58 пууна, 2696 дьиэ тиэргэнэ уонна 1427 олорор дьиэ ууга барда.

Николай ПОПОВ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

This post was published on 25.07.2018 21:37 21:37