Александр Кириллин: Туора туран хаалар табыллыбат

Биир нэдиэлэнэн Россия олохтоохторо 2024 сылга диэри Россияны ким салайарын быһаарыахтара. Быыбарга барар тоҕо наадатын туһунан Нам олохтоохторо санааларын үллэһиннилэр.


Сергей Кокорев, “Теплоэнергия” МУП идэлээх сойууһун бэрэссэдээтэлэ:

— Хас биирдии киһи бэйэтин санаатын этиэхтээх уонна дьоһун хандьыдаат иһин куоластыахтаах. Бары быыбардыыр учаастакка 100 бырыһыан кэллэхтэринэ, туһаанаах региоҥҥа балаһыанньа хайдаҕын билиэхпит. Өскөтүн быыбарга кыттыбакка гынан баран, бэрэсидьиэнтэн тугу ирдиэхпитий?

Александр Кириллин, Нам улууһун Ленскэй нэһилиэгин сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ:

— Норуот бүттүүнүн дьылҕатын быһаарар тутаах быыбардар чугаһаатылар. Туора туран хаалар табыллыбат! Хас биирдии гражданин бэйэтин санаатын тиэрдиэхтээх. Биһиги дьиэ кэргэммитинэн бары быыбарга барыахпыт уонна хас биирдии куолас суолталаах дии саныыбыт.

This post was published on 11.03.2018 15:45 15:45