21 Сэтинньи 21.11
  • -32°
  • $ 100,22
  • 105,81

Ааспыт сылга Саха сиригэр 11 тыһыынча кырачааҥҥа генетика скрининэ оҥоһулунна

Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Былырыын Саха сиригэр киэҥ хабааннаах неонатальнай-генетическэй скрининг 11059 саҥа төрөөбүт кырачааҥҥа (99%) оҥоһулунна. Ол түмүгэр биир «ДиДжорджи» синдромун сибикитэ булулунна.

Бу туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Киэҥ хабааннаах неонатальнай скрининг бырагыраамата дойдуга 2023 сыл тохсунньу 1 күнүттэн саҕаламмыта. Кырачаан төрөөбүтэ бастакы күннэригэр ылыллыбыт хаан анаалыһыттан төрүүрүгэр уонна утумунан бэриллибит ыарыылары  саҥа сайдар кэмнэригэр быһаараллар.

Утумунан бэриллэр 36 ыарыыны чинчийии былырыыҥҥыттан ыытыллыбыта. Скрининг ыарыыны эрдэ булар уонна эмтэниини суһаллык саҕалыыр туһугар ыытыллар. Ити  төрүүллэригэр ыарыылаах кэлбит кырачааннар олохторун хаачыстыба биллэ тупсарыгар көмөлөһөр, инбэлииккэ тахсыы уонна өлүү кутталын аҕыйатар.

Дойду бэрэсидьиэнэ Владимир Путин  неонатальнай скрининг бырагырааматын түһүмэҕинэн кэҥэтэргэ эрэгийиэннэр бырабыыталыстыбаларыгар уонна салалталарыгар сорудахтаабыта, суруйар Саха сирэ саайт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА