Аҕыһыгар диэри саастаах оҕоҕо больничнай 100 бырыһыан төлөнүө

Балаҕан ыйын 1 күнүттэн аҕыһыгар диэри саастаах оҕоҕо больничнай төлөбүрэ саҥа быраабыланан 100 бырыһыан төлөнүө. Маныаха Арассыыйа бырабыыталыстыбата биир миллиард курдук үбү көрдө. Бу туһунан «Российская газета» иһитиннэриитигэр сигэнэн, СИА суруйар.


Саҥа быраабыланан «больничнай төлөбүрэ төрөппүт ыстааһыттан тутулуктаныа суоҕа» диэтэ, дойду бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Михаил Мишустин. «Ити саҥа үлэлээн эрэр эдэр ийэлэргэ, аҕаларга көмөлөөх буолуо», — диэтэ кини.

Саҥа сүүрээн үлэ биэрээччигэ охсуута суох буолуо. Үрдэтиллибит биэнсийэни социальнай страховкалааһын пуондатыттан быһа төлүөхтэрэ.

«Онуоха төрөппүттэр эбии докумуон толоруохтара суоҕа. Больничнай кумааҕытыгар олоҕуран Пуонда бэйэтэ суоттуо», — диир премьер.

This post was published on 13.07.2021 11:01 11:01