22 Сэтинньи 22.11
  • -28°
  • $ 100,68
  • 106,08

Аҕа дойду улуу сэриитигэр анаммыт 295 пааматынньыгы сөргүттүлэр

17:02, 17 июня 2020
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Кыайыы 75 сылыгар Аҕа дойду улуу сэриитигэр анаммыт пааматынньыктары сөргүтүү үлэтэ ыытыллар. Саха сиригэр маннык 377 ытык миэстэ баар. 2019-2020 сылларга 295 бэлиэ сир тупсарылынна, ол иһигэр «Сохраним памятники» бырайыак чэрчитинэн — 10.


«Сохраним памятники» бырайыак Саха сирин историятыгар өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун регион култуурунай сыаннастарыгар кылаатарын киллэрэллэригэр ананан оҥоһуллубута, диэн сүрүн пресс-сулууспа иһитиннэрэр.

Бырайыак 2019 сыл ыам ыйын 5 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев көҕүлээһининэн стартаабыта. Кини кэргэнин кытта Таатта улууһун Чөркөөҕөр турар мельницаны чөлүгэр түһэрбиттэрэ.

Николаевтар дьиэ кэргэн ыҥырыыларыгар Саха сирин олохтоохторо кыттыспыттара, ол иһигэр депутаттар, министиэристибэлэр, биэдэмистибэлэр, олохтоох салайыныы салайааччылара, бөдөҥ тэрилтэлэр уонна дьоҕус бизнес бэрэстэбиитэллэрэ.

Амма уонна Чурапчы улуустарыгар уонна Дьокуускайга 15 култуура нэһилиэстибэтин эбийиэгэ чөлүгэр түһэрилиннэ.

Сиһилии: https://ysia.ru/v-yakutii-privedeny-v-poryadok-295-pamyatnikov-posvyashhennyh-velikoj-otechestvennoj/

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА