Биирдиилээн улуустарынан ылан көрдөххө, Чурапчы улууһа 34 тыһ. 432, Амма улууһа 26 тыһ. 267, Хаҥалас 23 тыһ. 629, Дьокуускай к. 9 тыһ. 904 туоннаны оттооннор, былааннарын 80-83%, Мэҥэ Хаҥалас 33 тыһ. 443, Таатта 28 тыһ. 39, Уус Алдан 28 тыһ. 619, Бүлүү 20 тыһ. 705, Өлүөхүмэ 13 тыһ. 888, Кэбээйи 13 тыһ. 74, Томпо 5 тыһ. 416 туоннаны оттооннор, сорудахтарын 70-77 %, Сунтаар 21 тыһ. 70, Ньурба 20 тыһ. 799, Үөһээ Бүлүү 16 тыһ. 356 туонналанан былааннарын 60-65 % толорон иһэллэр.
Хотугу улуустартан Абый, Эдьигээн, Өлөөн былааннарын 100 % толорбуттар. Дьааҥы улууһа 8 тыһ. 381 туоннаны чөкөтөн, сыл тахсарын 76 % хааччыммыт. Эбээн Бытантай 914, Мииринэй 956 туоннаны оттооннор, кыстыыр отторун туһааннааҕынан 35 уонна 27 % булуммуттар.
Раиса Сибирякова, «Саха сирэ» edersaas.ru