28 Муус устар 28.04
  • -0°
  • $ 91,78
  • 98,03

2024 сылга олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүргэ 1 млрд солк көрүллүөҕэ

Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
Саха сиригэр олохтоох көҕүлээһиннэри өйөөһүн эрэгийиэннээҕи бырагырааматын олоххо киллэрии чэрчитинэн 2210 эбийиэк тутуллубут. 2024 сыл бүтүүтэ 2549 бырайыак олоххо киирэрэ былааннаммыт. Өрөспүүбүлүкэ дьаһалтата уонна нэһилиэнньэ холбоһуктаах күүстэринэн олоххо кииирбит бырайыактар уопсай сыаналара 5,3 млрд солк. тэҥнэспит.

Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ үбүн миниистирин бастакы солбуйааччы Иван Алексеев иһитиннэрдэ.

«2024 сылга Саха сирин Бырабыыталыстыбата өрөспүүбүлүкэ бүддьүөтүттэн нэһилиэнньэ көҕүлээһинин өйүүргэ туһуланар сууманы улаатыннарда. Урут 500 мөл. солк. көрүллүбүт эбит буоллаҕына, быйыл — 662 мөл. солк. Өскөтүн олохтоох бэйэни салайыныы  уонна спонсордар үптэрин холбоон аахтахха, олохтоох көҕүлээһиннэр бырайыактарын суумата 1 млрд солк. кэриҥэ буолар», — диэн бэлиэтээн эттэ Иван Алексеев.

Ааспыт сылга кыайыылааҕынан 291 бырайыагы биллэрбиттэр, балары олоххо киллэриигэ өйөбүл үп уопсайа 805,6 мөл. тэҥнэспит. Кыттыгас эбии үбүлээһин 244,1 мөл. солк буолбут, ол эбэтэр бырайыактар уопсай сыаналарыттан 30%.

Куонкуруска 2023 сылга Саха сирин судаарыстыбаннай бүддьүөтүттэн олохтоох көҕүлээһиннэри өйөөһүн бырагырааматын үбүлээһиҥҥэ 562 мөл. солк. көрүллүбүт.

Бырайыактары көмүскээһиҥҥэ 2023 сылга 579 тыһ. кэриҥэ киһи кыттыбыт, Саха сирэ саайт.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА