2021 бүтүөр диэри хаарбах дьиэттэн Саха сиригэр 12 тыһыынча киһини көһөрүөхтэрэ

2021 сыл бүтүүтэ Саха сиригэр 12 тыһ киһи хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааматыгар хабыллыаҕа. Ол туһунан Ил Дархан Айсен Николаев «Вести Саха» телеханаалга эттэ, суруйар СИА. 

Саха сиригэр хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүү бырагыраамата көхтөөхтүк үлэлиир. Айсен Николаев эппитинэн, 2025 сылга диэри 1 мөл кв м иэннээх хаарбах дьиэттэн дьону көһөрүөхтээхтэр. Былаантан хаалыы суох.

«Куораттарга, тыа сирдэригэр элбэх кыбартыыралаах дьиэлэр тутуллаллар. Онон бырагыраама дьон интэриэһин ылар», — диэтэ Николаев.

This post was published on 11.11.2021 13:01 13:01