10 тыһыынча көмө харчыга сайаапканы от ыйын 15 күнүттэн туталлар

Оскуола оҕолоругар биир кэмнээх 10 тыһ солкуобай көмө харчыга сайабылыанньаны от ыйын 15 күнүттэн биэриэххэ сөп буолуо. Харчыны үөрэх дьыла саҕаланыа икки нэдиэлэ иннинэ – атырдьах ыйын 16 күнүгэр биэриэхтэрэ.


Көмө харчыны 6-тан 18-гар диэри саастаах оҕолор итиэннэ 18–тан 23-гэр диэри доруобуйаларыгар хааччахтаах уонна уопсай үөрэҕи салҕааччылар ылыахтара.

Дойду үрдүнэн 10 тыһ харчыны 20 мөлүйүөн оҕо ылыа. Бу сыалга 200 млрд солкуобай ороскуоттанара сабаҕаланар.

This post was published on 08.07.2021 12:05 12:05