РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Юрий Трутнев “АЛРОСА” хампаанньа акцияларын сибилигин атыылыы охсору сэргээбэтин иһитиннэрдэ. Бу туһунан кини “Коммерсант” хаһыакка интервьютугар эппит, диэн иьитиннэрэр http://edersaas.ru.
Юрий Трутнев Саха сиригэр АЛРОСА акцияларын атыылааһын өрөспүүбүлүкэ сокуонунан бобулларын ыйан туран, ону көтүрэр туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Егор Борисовы кытта кэпсэтиини тус бэйэтэ ыытар санаата суоҕун аһаҕастык билиннэ. Кини: «АЛРОСА-ны өрөспүүбүлүкэ дьоно-сэргэтэ бүттүүн норуот баайынан ааҕар, онно бытарҕан тымныыны аахсыбакка,күндү тааһы хостууллар, онон киэн тутталлар», — диэтэ.
Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччы «Саха сирин олохтоохторун туох диэн АЛРОСА акцияларын атыылыылларыгар күһэйиэххэ сөбүй» диэн санаатын этиннэ. Аны туран, өрөспүүбүлүкэ акциятын атыылаабатаҕына, оттон Арассыыйа Федерацията атыылыыр түгэнигэр, хампаанньа букатын да национальнай (бүтүн дойду бас билиитэ) статуһа уурайан, Саха сирин эрэ киэнэ буоларыгар тиийэр диэтэ. Ол, дьэ, дьикти буолуо үһү. Түмүккэ, Юрий Петрович акциялар пакеттарын атыылыырга тиэтэйэр төрүөт баарын көрбөппүн диэн эттэ.
Санатар буоллахха, соторутааҕыта АЛРОСА хампаанньа салайааччытын уларыппыттара. Андрей Жарков оннугар урут дойду бэрэсидьиэнин дьаһалтатын салайааччытынан үлэлээбит Сергей Иванов төрөппүт уолун, баан үлэһитэ Сергей Иванову анаабыттара.